Ытыктабыллаах тыыл бэтэрээннэрэ уонна сэрии сылын оҕолоро!

Эһигини Аан дойду аҕам саастаахтарын декадатынан истинник ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит!
Биһиги ытыктыыр дьоммут тыыл бэтэрээннэрбит уонна сэрии сылын оҕолоро Ийэ дойду көҥүлүн турууласпыттара, кэнэҕэски ыччат олоҕун кэскилин уһансыбыттара. Эһиги тыылга бэйэгитин харыстаммакка, үнньүктээх уһун сэрии бары ааннаабыт алдьархайын: уот курааны, сүтү, чэгиэн доруобуйаҕыт эмсэҕэлээһинин аахсыбакка туран түүннэри – күннэри үлэлээн ааспыккыт хаһан да умнуллуо суоҕа.
Эһиги үйэ — саас тухары умнуллубат хорсун быһыыгыт өлбөөдүйбэт үтүө холобур буолуоҕа. Бу билиҥҥи үүт – тураан олохпут чэчирии сайдарын туһугар, эйэлээх күөх халлаан анныгар үлэлиирбитигэр, саҥаттан саҥаны айарбытыгар, үйэлээҕи үйэтитэрбитигэр, кэнчээри ыччат чэчирии үүнэригэр сайдарыгар олук уурбут кылааккытыгар сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран махтанабыт, киэҥ туттабыт.
Ытыктабыллаах тыылга үлэлээбит хорсун дьоммут уонна сэрии алдьархайдаах сылын оҕолоро, эһиги күүстээх санааҕытын, бу олоххо дьулуургутун холобур оҥостон биһиги биир сомоҕо буолан, күүспүтүн түмэн, туруоруммут сыалбытын олоххо киллэриэхпит, төрөөбүт нэһилиэкпит чэчирии сайдарын туһугар үлэлиэхпит – хамсыахпыт диэн бигэ тылбытын биэрэбит.
Баҕарабыт эһиэхэ уһун дьоллоох олоҕу, эрчими, чугас дьоҥҥут тапталларгыгар уйдаран өссө да уһуннук биһиги ортобутугар олороргутугар.

Бөтүҥ нэһилиэгин дьаһалтата
Депутаттарын Сэбиэтэ
Бөтүҥ нэһилиэгин бэтэрээннэрин Сэбиэтэ

Оставьте комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Прокрутить вверх