Дьиэ кэргэн күнүнэн!

Бүгүн Аан Дойдуга — Дьиэ кэргэн күнэ. Ыал, дьиэ кэргэн буолуу — айылҕа уһулуччулаах, кэрэттэн кэрэ уонна сиэрин-туомун толору сиппит үчүгэйтэн үчүгэй айымньыта. Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүн ХНТ (ООН) Генеральнай ассамблеята 1993 сыллаахха араас дойдуга уопсастыбаннаһы дьиэ кэргэн болҕомтотугар туһаайар сыаллаах-соруктаах олохтообута. Киһи сайдыыта, киһи буолан тахсыыта дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Киһи-аймах сыаннастара, култуурата, көлүөнэлэр солбуһуулара барыта дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэр. Дьиэ кэргэн бөҕө тутуллаах, байылыат олохтоох буоллаҕына, судаарыстыба эмиэ бөҕөргүүр. Таптала, истиҥ сыһыана уонна сарсыҥҥыга эрэлэ суох киһи киһи буолбат, цивилизация эмиэ бу сыаннастарга олоҕурар. Маны барытын дьиэ кэргэн эрэ биэрэр кыахтаах.

Дьиэ кэргэн — омук тɵрдɵ. Ыал буолуу диэн – бу олох биир саамай эппиэттээх, кэскиллээх кэрчигэ. Бу хас биирдии киһи ытык иэһэ. Орто дойдуга олорон ааспыт бэлиэбитин хаалларан, биһиги урааҥхай саха удьуора үксүүрүн туһугар, ыал буолан, оҕо төрөтөн, орто дойду туруу бараан олоҕун олоруохтаахпыт.

Бүгүҥҥү күнүнэн эҕэрдэ!
Бүттүүн дьиэ кэргэҥҥэ,
Баҕарабыт күүстээх тапталы,
Баайы дуолу уонна доруобуйаны.

Оставьте комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Прокрутить вверх