История

1бетюн.jpg

 

Бөтүҥҥэ 1934 с. Комсомольскай ячейка секретара Ефим Петрович Николаев тэрийиитинэн бастакы ааҕар балаҕан үлэлээн, дьон-сэргэ өй-санаа өттүнэн сайдыытыгар улахан сабыдыалы оҥорбута. Итиниэхэ эбии аны ааҕар балаҕан иһинэн библиотека аһыллыбыта. 1939 с. отчуот көрдөрөрүнэн библотека 260 солк. 130 кинигэлээҕэ, 100 солк. 50 сурунааллааҕа. Итини тэҥэ култуурунай – маассабай үлэни ыытарыгар икки балалаайкалааҕа, икки гитааралааҕа, икки мандолиналааҕа, үс саахыматтааҕа, биир ыскааптааҕа. Ити барыта сууммата 400 солк. тэҥнэһэрэ.

Ааҕар балаҕан иһинэн үс агитпуун тэриллэн холкуостаахтар уонна нэһилиэнньэ ортотугар 342 быыбардааччылары дириҥ ис хоһоонноох лекциялары, дакылааттары, бэсиэдэлэри оҥороллоро. Кинигэ, хаһыат ааҕыылара буолаллара. Саҥарбат киинэ көрдөрөллөрө, агитпууннар салайааччыларынан Ефим Петрович Николаев, учуутал Дмитрий Софронович Николаев, комсомолка Варвара Семёновна Сидорова үлэлээбиттэрэ.

Аҕа дойду улуу сэриитин кэнниттэн 1946 с. Кыайыы кынатыгар уйдаран кырдьаҕастар салалталарынан, хомсомуоллар, ыччаттар күүстэринэн маһы субуотунньугунан кэрдиллэн саҥа кулууп тутуута саҕаламмыта. Кулууп маһа сайылык ферматын хоту өттүттэн уонна Мооттуур Уйбаан (Емельянов И.И) алааһын таһыттан кэрдиллибитэ. Бэрэбинэлэммит маһы оҕустарынан, аттарынан таспыттара. Субуотунньукка уолаттартан Х.С.Сидоров, П.В.Петров (Куончай), Алексей Скрябин, А.Д. Тимофеев, П.Р. Егоров, Н.Г. Неустроев, кыргыттартан А.А. Никифорова (Мыкыай), А.В. Петрова, А.М. Онуфриева уо.д.а. таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ ахтыллар.

Кулууп тутуутун бырайыагын, сметатын, чертёжтарын оччотооҕуга нэһилиэккэ обургу тутуулары ыытыыга улахан уопуттаах, бухгалтер идэлээх Г.Ф. Нестеров (Суон уола) ситэрэн – хоторон оҥорбута. Онтон дьиэтин тутуутун биригэдиир маастар Иванов В.И. (Куорат Бааска) иилээн – саҕалаан ыыппыта. Итиниэхэ холкуос стахаанабыстара, кырдьаҕастара А.Ф. Иванов, Г.А. Павлов, С.М. Кириллин, Д.И. Винокуров, фронтовиктар С.П. Слепцов, Н.П. Сутаков о.д.а бааллара.

Нөҥүө сылыгар 1947 сыллаахха улуу Октябрьскай Социалистическай революция кыайыыта 30 сылын көрсө 100 миэстэлээх саҥа кулууп үлэҕэ киллэриллибитэ. Кулууп электричество сырдык уотунан ыҥыра, угуйа сандаарбыта. Бэртээхэй сцена, ыскамыайкалар оноһулланнар нэһилиэнньэни үөрдүбүттэрэ, үлэҕэ – хамнаска, көргө – нарга көҕүлээбитэ. Бу үөрүүлээх күҥҥэ кулууп бастакы сэбиэдиссэйинэн эргиэн үрдүк үөрэҕин бүтэрбит, олохтоох партийнай тэрилтэ секретара Е.П. Николаев биир санаанан бигэргэтиллибитэ. Түөрт кылаастаах Бөтүҥ оскуолатын 2-с, 3-с кылааһын бастыҥ үөрэнээччилэрэ 12 оҕо пионерга ылыллыбыттара. Кинилэр түөстэригэр кытыастар кыһыл хаалтыстары партийнай тэрилтэ секретара Е.П. Николаев, Чапаев аатынан холкуос бэрэссэдээтэлэ М.Т. Нестеров, комсомольскай тэрилтэ секретара C.Е. Константинов дохсун ытыс тыаһын ортотугар, үрдүк өрө көтөҕүллүү быһыытыгар – майгытыгар баайбыттара. Нэһилиэк комсомолецтарын, ыччаттарын күүстэринэн концерт көрдөрүллүбүтэ. «Путёвка в жизнь» диэн саҥарар киинэ аан бастаан Пётр Павлович Корякин көрдөрбүтэ. Нэһилиэккэ улахан үөрүү – көтүү, сэргэхсийии буолбута.

Кулууп үлэтин ыытарыгар тус-туспа хостордооҕо. нэһилиэк сэбиэтин, холкуос хонтуоралара эмиэ манна көспүттэрэ. Кулууп иһинэн 20 киһилээх хоровой, 17 киһилээх драматическай куруһуоктар тэриллибиттэрэ. Балары сэргэ саахымат, сааска, үҥкүү куруһуоктара үлэлээбиттэрэ. Бу тэриллибит коллективтар нэһилиэнньэ ортотугар, оскуола оҕолоругар сайдыы эҥчирээбэт, бөҕө үктэлин уурбуттара.

Бөтүҥҥэ уус – уран самодеятельность сайдыытыттан Дарья Кириллина, Анна Гурьева, Николай, Дмитрий     Кутургуиннар, Алексей Никитин, Дмитрий Жирков, Михаил Чириков, Ульяна Никандрова, Дарья Захарова, Степан Захаров, Февронья Скрябина, Пётр Никитин, Пётр Петров, Егор Иванов о.д.а, оскуола оҕолоруттан Елена Бубякина, Марфа Адамова, Марфа Попова – Давыдова, Тамара Васильева, Коля Давыдов, Петя Тихонов, Николай Семёнов, Николай Неустроев, Иван Корякин, Иван Саввин, Алексей Яковлев, Светлана Новикова, Молода Сергеев, Мария Афанасьева, Александра Семёнова, Екатерина Дьячковская – Захарова, Александра Чирикова, Егор Давыдов, Мария Борисова диэн ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр, хоһоон ааҕааччылар, кэпсээнньиттэр үүммүттэрэ. Саха бастакы профессиональнай үҥкүү артыыстарын ортолоругар индийскай үҥкүүлэри толорооччу Алексей Яковлев саха музыкальнай драматическай театрга үлэлиир чиэскэ тиксибитэ.

Бөтүҥ кулуубугар 1947 с. саҕалаан Николаев Ефим Петрович, Семёнов Михаил Андреевич, Конников Гаврил Иванович, Кутургуин Николай Софронович II, Дьяконов Василий Михайлович, Софронова Анисия Даниловна, Левин Степан Яковлевич, Лобанова Лена Николаевна, Яковлева Анна Фёдоровна сэбиэдиссэйдэринэн, дириэктэрдэринэн үлэлээн кэллилэр. Кинилэртэн уһуннук, таһаарыылаахтык Конников Гаврил Иванович, Кутургуин Николай Софронович II, Дьяконов Василий Михайлович, Левин Степан Яковлевич, Лобанова Елена Николаевна үлэлээннэр дьон – сэргэ махталын ылбыттара. Онтон билигин эдэр директор Яковлева Анна Фёдоровна хаһыс да сылын ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.

1947 с. тутуллубут эргэ кулууп 1974 с. диэри дьону – сэргэни бэйэтигэр тоҕуорута тарда турбута. Билиҥҥи кулууп ити сыл тутуллан улэҕэ киирбитэ. Кулуубу Киров аатынан холкуос бэрэссэдээтэлэ, «Октябрьскай революция» уонна «Үлэ кыһыл знамята» орденнар кавалердара Попов Пётр Никитич, прораб Чупров Василий Самсонович тутуутун саҕалаабыттара. Ол кэнниттэн сопхуос дириэктэринэн үлэлээбит Анатолий Васильевич Ефремов, прораб Семён Константинович Сутаков үгүс үлэни тэрийэннэр олоххо киллэрбиттэрэ.

2017 с. кулууп дьиэтэ С.Я. Левин аатынна ноурот айымньытын киинэ диэн ааттанан айымньылаахтык үлэлиир. Ити сыл Россияҕа ыытыллыбыт култуура дьиэлэрин күрэҕэр «Бастыҥ култуура дьиэтэ» ааты ылыан ылбыта.

Култуура дьиэтэ улуус, республика таһымнаах спортивнай күрэхтэр аһыллыыларын, сабыллыыларын сиэрин – туомун үрдүк таһымнаахтык ыытан, ыалдьыттар истиҥ махталларын ылар.

Күн бүгүн «С.Я. Левин аатынан норуот айымньытын киинэ» анал үөрэхтээх кадрынан толору хааччыллыылаах, 12 үлэһиттээх.

Нэһилиэккэ баар общественнай тэрилтэлэри кытары ыкса сибээстээхтик, түмсүүлээхтик үлэлиир. Нэһилиэккэ баар түөлбэлэр, бэтэрээннэр сэбиэттэрэ, аҕалар түмсүүлэрэ, дьахталлар сэбиэттэрэ уо.д.а киирэллэр.

Сынньалан киин  иһинэн 19 уус-уран самодеятельность коллективтара күүскэ үлэлииллэр. Олортон 2 «Норуодунай» ааттаах коллектив баар: «Махтал» норуодунай үҥкүү коллектива, «Дьулуур» норуодунай театр коллектива. Ону тэҥэ оҕолорго «Телен» драмколлектива, «Ситим» фольклорнай ансаамбыла, «Уолан»,  «Одун Хаан», «Күн Куо»,  «Күбэй»  эстраднай вокал коллективтара улахан дьону, оскуола үөрэнээччилэрин хабан үлэлииллэр.

Күн бүгүн култуура киинэ дьону – ыччаты түмэн нэһилиэнньэ сынньалаҥын таба тэрийиигэ, уус – уран самодеятельноһы салгыы сайыннарыыга күүһүн – күдэҕин харыстаабакка, билиитин – көрүүтүн ууран тулуурдаахтык үлэлиир.

Прокрутить вверх