Степан Яковлевич Левин
Степан Яковлевич Левин 1942 сыллаахха олунньу 20 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Тараҕай нэhилиэгэр төрөөбүтэ.
Бүтэйдээх орто оскуолатын 1961с. үөрэнэн бүтэрээт икки сыл Бүтэйдээх кулуубугар сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлээбитэ.
Ол кэннэ 1963-1967 с.с. Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллан Тиихэй океан флотугар атомнай подводнай лодкаҕа сулууспалаабыта. «Старшина второй статьи» диэн наҕараадалаах.
Онтон 1968-1971 с.с. Дьокуускайдааҕы култуурунай – сырдатар училищеҕа үөрэммит.
Дьэ ол кэннэ 1970-1980 с.с. Бөтүн кулуубугар сэбиэдиссэйинэн, директорынан таһаарыылаахтык үлэлиир.
1984-1991 с.с улуустааҕы Госстрахха агеннаабыта.
1991 с. Культура үрдүкү профсоюзнай оскуолатын кэтэхтэн үөрэнэн бутэрэн баран, Бөтүҥнээҕи «Дьулуур» культура киинигэр уус – уран салайааччынан, кэлин директорынан 2006 с. диэри үлэлээбитэ.
Степан Яковлевич айылҕаттан айыллан кэлбит дэгиттэр талааннаах, кэрэ куоластаах ырыаhыт, олоҥхоhут, бэртээхэй артыыс быhыытынан дьоҥҥо – норуокка биллэр. Улуус, нэhилиэк чиэhин көмүскээн араас тэрээһиннэргэ Республика, улуус фестивальларыгар ситиһиилээхтик кыттан лауреат, дипломант үрдүк ааттарын хаһаайына.
Кини салайыытынан 1992 с. Бөтүҥ кулуубугар «Дьулуур» драма бөлөҕө тэриллэн, П.А.Ойуунускай «Оҕоҕо баҕарбыт», «Ыраахтааҕы ыйааҕа» уо.д.а. пьесалары туруорбута. Кини үлэлиир сылларыгар бэйэтэ бэрт элбэх оруоллары оонньообута. Ол курдук «Кэччэгэй кэриэhэ суох», «Наара суох» толорууларга сүрүн оруоллары, «Ырыкыныап ыыспатыгар», «θстөөх ханна саhан сытар», «Тиэтэйбит», «Дьүүл», «Ыраахтааҕы ыйааҕа» пьесаларга оҕонньор, «Кынат» пьесаҕа ферма биригэдьииринэн, Уйбаан Бетүүнүскэй «От саҕынньах» пьесатыгар отчут, хамначчыт оруолларын олус табыллан оонньуура.
“Талааннаах киһи — барытыгар дэгиттэр» дииллэрэ омуна суох. Биһиги Ыстапааммыт ырыаһыт, олоҥхоһут, тойуксут, артыыс, режиссер, уруһуйдьут, салайааччы быһыытынан дьоҥҥо киэҥник биллэн умнуллубат суолу-ииһи хааллардаҕа. 2000 сыллаахха Степан Яковлевич Левин өр сыралаах, таhаарыылаах, эҥкилэ суох сэмэй үлэтэ сыаналанан, «Саха Республикатын культуратын туйгуна» үрдүк аат иҥэриллибитэ. 2017 сыллаахтан Бөтүҥнээҕи норуот айымньытын киинэ кини аатын чиэстэээхтик сүгэн, нэһилиэк, улуус чиэһин дьоһуннаахтык көмүскүүллэр. Степан Яковлевич Левин аата үйэлэртэн үйэлэргэ өссө да ааттана туруо, кини үлэлээбит үлэтэ, айар талаана кэлэр ыччакка үтүө холобур буолуо туруо диэн эрэнэбит.