БӨТҮҤНЭЭҔИ АЙЫЛҔАНЫ ХАРЫСТЫЫР «ТЫА ПАРКАТЫН» 10 СЫЛЫН БЭЛИЭТИИР ТЭРЭЭҺИН

Хас биирдии Саха киһитигэр төрөөбүт дойдутун, айылҕатын харыстааһына төрүт өбүгэлэриттэн ген быһыытынан бэриллэр. Ол курдук биһиги өбүгэлэрбит «Сэттэ Бырааттыы Бөрө Бөтүҥнэр» XIV үйэттэн, билиҥҥи Амма улууһун сирин улахан аҥаарын бултуур сир оҥостон харыстаһан, билиҥҥэ диэри Бөтүҥ диэн нэһилиэк буолан ааттанан турдаҕа.

2011 с. Уопсастыбаннай эколог Степан Дмитриевич Нестеров туруорсуутунан, нэһилиэк илин өттүгэр биэрэк үрдүгэр турар хатан эрэр арыы тыаны, оччолорго Бөтүҥ нэһилиэгин баһылыга Саргылана Васильевна Борисова бэрэссэдээтэллээх дьокутааттар Сэбиэттэрэ, 80 №-дээх (05.05.2011с.) быһаарыытынан күрүөлүүргэ быһаарбыта.

         2012 с. Дьокуускай куорат саха гимназиятын үһүс кылааһын үөрэнээччитэ Лиза Захарова интернети хасыһан, хаппыт тыаны ыраастаан ТЫА ПААРКАТЫН (лесопарк) оҥоруохха сөп эбит диэн саҥа санааны киллэрбитэ, бэйэтэ онно анаан бырайыак оҥорбута. Ол бырайыагынан «Инники хардыыга» кыттан оскуолатыгар бастакы миэстэни ылбыта.

Онтон ыла бу сиргэ мастары, талахтары олордон ТЫА ПААРКАТА буолуо диэн ыра санаа үөскээбитэ.

         2015 с. бу бырайыагы байыаннай сулууспа бэтэрээнэ, Саха сиригэр биллэр уопсастыбаннай эколог Иван Иосифович Мохначевскай өйөөбүтэ. Ол сыл Сарыал Илин түөлбэ салайааччыта – Дария Дмитриевна Жарина уонна нэһилиэк олохтооҕо – Александра Ильинична Иванова бэйэлэрэ тылланан, көмөлөһөн барбыттара.

2015-2016 с.с. Тыа пааркатын бөҕүн ыраастааһыҥҥа, мас олордуутугар уопсайа 27 субуо-тунньук буолбута, 400 сүүстэн тахса киһи кыттыыны ылбыта. Бу кэмҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи Тыа хаһаайыстыбатын департаменыттан көҥүллэтэн, олохтоох дьаһалта бырайыаһын төлөөн Бэстээхтэн 47 бэстэр, хатыҥнар уонна талахтар аҕалан олордуллубуттара. Манна нэһилиэк олохтоохторо, оскуола оҕолоро, Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбыт «Бөтүҥ» уопсастыбаннай түмсүү акты-быыстара кэлэннэр мастары олордубуттара.

2018 с. Тыа пааркатын сиригэр саҥаттан мастары, сибэккилэри олордуу, мас скульптуралары, ыскамыайкалары, суоллары уонна киирии арканы оҥоруу салҕанар.

         Бүгүҥҥү күҥҥэ олохтоох дьаһалта тыа пааркатын сирин докумуонун оҥотторон, реестргэ киллэриигэ үлэлэһэ сылдьар. Саҥаттан күрүөлээһини уонна электричество линиятын киллэрэргэ былаанныыр.

Саха сириттэн төрүттээх, 2018 сыллаахха тэриллибит «Aurora Siberica» ювелирнай хампаанньа сүрүн бириинсибэ: «Айылҕаттан баайын ылар эрэ буолбакка — төттөрү биэрии» диэн буолар. Ол чэрчитинэн бастакы хардыынан, буола турар улахан баһаар Саха сирин тыатыгар оҥорбут содулун чөлүгэр түһэриигэ мастары олордууга дьоһуннаахтык кыттыһар былааннаах.

«Арассыыйа Кедра» бырайыак кыттыылааҕа «БАХ» (Бөтүҥнээҕи Айылҕаны Харыстааччылар) түмсүү уонна «Aurora Siberica» тэрилтэ кыттыһаннар, бүгүн  Бөтүҥ нэһилиэгин Тыатын Пааркатыгар уонна Бөтүҥ орто оскуолатын сиригэр «Чэчиргэ» боруобалаан, бастакы сибиир киэдирдэрин олордуохтара.

Манна, үс сиргэ үүннэриллибит мастар олордуллуохтара: Бастакы – Калининградтан АНО «Кедры России» тыа питомнигыттан сибиир киэдирдэрэ, Иккис – Хабаровскайтан ООО «Растим лес» хампаанньаттан корейскай киэдирдэр уонна Үһүс – Аммаҕа эриэхэттэн олордуллубут Александр Романов киэдирдэрэ.

Оставьте комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Прокрутить вверх