Нэһилиэк историятыгар киирэр, бөтүҥтэн төрүттээх дьокуускай куоракка олорор , биир дойдулаахтарбыт нэһилиэкпитигэр с. е. николаева аатын үйэтитэр «ийэ сквера» тутуллубутун биһирээн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн, киэн тутта астынан «бөтүҥ түмсүү» биир киһи курдук сомоҕолоһон, республика дьонугар — сэргэтигэр киэҥник биллэр, ссср суруйааччыларын чилиэнэ, олоҥхоһут екатерина егоровна иванова 130 сааһын көрсө «олоҥхоһут олбоҕо» үйэтитии ыскамыайканы төрөөбүт дойдуларыгар бэлэх ууннулар. ону тэҥэ, биир дойдулаахпыт, «бөтүҥ түмсүү» салайааччыта, этнопсихолог, педагогическай үлэ ветерана тамара петровна егорова 60 сааһын көрсө бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах знага туттарыллынна. үөрүүлээх күнү тэҥҥэ үллэстиннилэр: — бөтүҥ нэһилиэгин муниципальнай тэриллии баһылыга алексей николаевич никитин; — олоҥхону үөрэтээччи, фольклорист, тыл үөрэҕин билимин доктора, профессор, ср билимин үтүөлээх деятеля, рф үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ василий васильевич илларионов; — амматтан төрүттээх, ср суруйааччыта, поэт, россия суруйааччыларын союһун чилиэнэ саргылаана васильевна гольдерова — саргы куо; — биир дойдулаахпыт, м.к. аммосов аатынан хифу магистрана ансема семеновна осипова; — екатерина иванова чугас аймахтара; — «оллоон» оҕо образцовай ансаамбыла (сал. а.д. софронова) уо.д.а.