Төрөөбүт ийэ тыл күнүгэр аналлаах куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар «Норуот ырыатын ымыы оҥостон» оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо норуот ырыатыгар аһаҕас күөн – күрэс тосхоло.

Ыытыллар күнэ – дьыла: 2022 сыл, олунньу 10 күнүттэн олунньу 17 күнүгэр диэри видеоматериаллары тутуу;

Тэрийээччилэр: Амма улууһун, Бөтүҥнээҕи «С.Я Левин аатынан норуот айымньытын киинэ»;

Сыала – соруга:

  • Норуот ырыатын төрүт үгэһин толорууну сөргүтүү, үйэтитии, утумнааһын;
  • Саха фольклоругар истии эйгэтин үөскэтии, толоруу маастарыстыбатын үрдэтии;
  • Эдэр ыччакка дьиҥ саха ырыатын билиһиннэрии.

Сыаналааһын үс бөлөҕүнэн ыытыллар:

 — I бөлөх: 4-6 саастарыгар диэри;

— II бөлөх: 7- 17 саастарыгар диэри;

— III бөлөх: 18 — тан үөһээ саастах дьон.

Күөн – күрэс сүрүн ирдэбилэ:

  • Күрэххэ саха фольклорунан дьарыгар уһуйаан иитиллээчилэрэ, оскуола оҕолоро, ыччат уонна саастаах дьон биирдиилээн кытталлар;
  • Кытааччы сахалыы таҥаһа саба, толоруу маастарыстыбата учуоттанар;
  • Түөлбэ ырыатын – тойугун толоруу биһирэнэр;
  • Норуот ырыатын доҕуһуола көҥүл;

 Кыттыы төлөбүрэ уһуйаан уонна оскуола оҕолоругар 100 солк., ыччат уонна улахан дьонтон 150 солк;

 Сайаапканы (толору ааккыт, ханнык улуус, нэһилиэк, сааскытын, толорор ырыаҕыт аатын, төлөөбүккүт туһунан квитанцияҕытын) уонна видеоматериалы  ватсап нөҥүө эбэтэр телеграм 89679133439 (Попова С.И.) нүөмэргэ ыытаҕыт.

Наҕараадалааһын:

— Хас биирдии кыттааччыга туоһу суруктар, күрэх түмүгүнэн I, II, III үктэл, үрдэл уонна анал ааттар иҥэриллиэхтэрэ. Бастыҥтан бастыҥҥа «Кылаан бириис» үрдүк аат туттарыллыаҕа.

Оставьте комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Прокрутить вверх