Төрөөбүт сахатын тылын сайыннарыыга-чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алфавитын төрүттээбит, бастакы лингвист Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр түбэһиннэрэн, олунньу 13 күнэ, сурук-бичик күнүнэн бэлиэтэнэр. Бу дьаһал Саха Республикатын бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан 1996 сыллаахха олохтоммута. Бу кунтэн ыла сыл ахсын саха тыллаах бу күнү уруйдаан-айхаллаан көрсөр.
Семен Андреевич Новгородов Чурапчы оройуонугар төрөөбүтэ. Якутскайга реальнай училищены бүтэрэн баран, Петроградка 1913 сыллаахтан университекка үөрэммитэ. Онно кини Илиҥҥи омуктар тылларын кичэйэн үөрэппитэ. Үөрэнэр кэмигэр саха тылын анаан үөрэппитэ, фольклору хомуйбута уонна саха суругун олохтообута. Бастаан 1917 с. онтон 1922 сыллаахха кини Бастааҥы сурук-бичик диэн буквара, онтон Ааҕар кинигэтэ бэчээттэммиттэрэ. Оскуолаҕа ити кинигэлэринэн сахалыы үөрэнэн барбыттара. Сотору балачча элбэх хаһыат, сурунаал, учебник, уус-уран айымньылар бэчээккэ тахсан испиттэрэ. Республика үрдүнэн үөрэҕэ суох улахан дьону үөрэхтээһин үлэтэ тэнийбитэ. Оччолорго үгүс киһи, оскуолаҕа үөрэммэккэ сылдьан эрэн, сахалыы ааҕар, суруйар буолтара. Оннук киһини халлаан суруксута диэн ааттыыллара. Семен Андреевич, университеты бүтэрэн баран, саҥа үлэлээн иһэн, Ленинградка 1924 сыллаахха 32 саастааҕар эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Кини алфавита 1929 с. диэри туттуллубута.
Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ сайда турдун! Норуот олорбут олоҕо, тыына-дьылҕата тылыгар иҥэн сылдьар. Оҕо төрүөҕүттэн ийэ тылын эйгэтигэр иитилиннэҕинэ, омук кутун-сүрүн, өр үйэлэргэ муспут муудараһын этигэр-хааныгар иҥэринэр, төрөөбут тылын, бэйэтин омугун харыстыыр киһи буолар. Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына, тыыннаах буолар, салгыы сайдар, барҕарар, кыахтанар.
Тыл – бүтүн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ.
Тыллаах буоламмыт тыыннаахпыт,
Саҥалаах буоламмыт Сахабыт.
Харыстыах тустаахпыт тылбытын, Көмүскүөх кэриҥнээхпит ааппытын!