Үҥкүү нөҥүө кыраһыабай хамсаныылары эрэ буолбакка, өбүгэ үгэһин, норуот олоҕун – дьаһаҕын, саныыр санаатын, истиҥ иһирэх иэйиитин билэр, толкуйдатар дириҥ ис хоһоонноох искусство биир көрүҥэ буоларын билэбит.
Бөтүҥ нэһилиэгин олохтоохторун, нэһилиэкпитигэр араас кэмнэргэ үҥкүү кэрэ эйгэтигэр уһуйбут уһуйааччылары, үҥкүү истиҥ иэйиитигэр куустаран үҥкүүлүүр “Талаана” уонна “Талбаана” ансаамбыллары, үҥкүлээбит бар дьоммутун, чуолаан «Махтал» народнай үҥкүү ансаамбылыгар дьарыктаммыт, дьарыктанар оҕолорбутун, эдэр ыччаттарбытын, салайааччы Константин Семенович Попову ис сүрэхтэн иэйэн туран эҕэрдэлиибит! Күнтэн күн дьоҕургут тупсан, үҥкүүлүүр баҕаҕыт улаатан, талааҥҥыт сайда турарыгар баҕарабыт! Эһигини кытта өрүү истиҥ мичээр, эйэлээх эйгэ, үөрүү – көтүү эрэ аргыстастын!
Үҥкүү баар буоллун хас биирдиибитигэр, үҥкүү баар буоллун олохпут хас биирдии күнүгэр, баар буоллун чэгиэн санаа, чэбдик турук, баар буоллун саха үҥкүүтэ!