Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору көрөр – истэр тэрилтэ үлэһиттэрин күнүнэн итиитик – истиҥник эҕэрдэлиибит!
Эһиги кэнчээри ыччаттарбытын, кырачааннарбытын иитэ – бэрийэ, билии – көрүү иҥэрэ, көрө – истэ сылдьар үтүө аналлаах үлэни толоро сылдьаҕыт. Оҕо төрөппүттэригэр, чугас дьонугар, төрөөбүт сиригэр – уотугар таптала уонна ытыктабыла, аҕа саастаах дьоҥҥо болҕомтолоох уонна ытыктабыллаах сыһыана, үлэҕэ суолта биэриитэ, үлэ бастакы үөрүйэхтэрин иҥэриитэ – бу барыта олус наадалаах уонна билигин ирдэниллэр хаачыстыбалар. Онуоха төрөппүттэри кытта эһиги бииргэ бастакы укулааты уурсааччынан буолаҕыт.
Күндү иитээччилэр баҕарабыт түбүктээх уонна эппиэттээх үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, тус олоххутугар дьолу – соргуну уонна табыллыыны!