Бүгүн биһиэхэ үөрүү өрөгөйдөөтө, дьол–саргы сатыылаата. Ол курдук, Светлана Ефимовна Николаева аатынан «Ийэ скверин» иһигэр Борохина Вера Федоровна аатынан үйэтитэр, сибэкки уурар кэрэ бэйэлээх подставка туттарыллар үөрүүлээх түгэнэ үүннэ.
Вера Федоровна Амма оройуонун Соморсун нэһилиэгэр 1934 сыллаахха төрөөбүтэ. Жирков Дмитрий Петрович диэн Бөтүҥ эр бэрдигэр кэргэн тахсан 14 оҕолонон, 14 сиэннэнэн, 5 хос сиэннэнэн олох дьолун, кэрэтин биллэҕэ.
Олоҕун устатын тухары хас да сыл фермаҕа доярканан, асчытынан үлэлээбитэ, ол кэннэ совхоз гараһын хомуйааччынан, харабылынан эмиэ үлэлии сылдьыбыта. Кэлин почтальоннаабыта, оҕо саадыгар ньээҥкэ уонна сельэнергоҕа уборщицалаабыта.
Кини Бөтүҥҥэ 1974 сыллааха бастакы Герой-ийэ аатын ылбыта. Кыыһа Дария – Амма улууһун Ис дьыал отделыгар үлэлиир, милиция сержана, уола Роман – Орто Халымаҕа Ис дьыала отделын начальнигын солбуйааччы. Онтон атын оҕолор эмиэ үлэ-хамнас үгэнигэр сылдьаллар.