Үйэ-саас тухары — Албан Аат!

Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыыны уһансыбыт кырдьаҕас көлүөнэ дьоҥҥо сэрии алдьархай сыллара сүрэхтэригэр ыар баттык, ааспат, арахпат сырҕан таас буолан умнуллубат. Уоттаах кыргыһыыларга, хаан тохтуулаах киирсиилэргэ биһиги биир дойдулаахтарбыт хорсуннук сэриилэспиттэрэ, Ийэ сири өстөөхтөн босхолуур туһугар сырдык тыыннарын толук биэрбиттэрэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин тыйыс тыына, алдьархайдаах иэдээнэ уонна ыар сыллара таарыйбатах саха ыала диэн суох. Кинилэр холобурдарыгар биһиги Ийэ дойдуга, төрөөбүт сиргэ уҕараабат тапталы, бэриниилээх буолууну көрөбүт, холобур оҥостобут, сүгүрүйэбит. 

Аҕа дойду Улуу сэриитин толоонугар геройдуу охтубут буойуннарга, кыайан-хотон эргиллэн кэлбит сэрии кыттыылаахтарыгар, кыайыыны уһансыбыт тыыл ветераннарыгар үйэ саас тухары албан аат уонна кэриэстэбил!

Оставьте комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Прокрутить вверх