Үөрэх дьылын түмүктүүр тэрээһиннэртэн саамай күүтүүлээх, долгутуулаах, оҕоттон ытык кырдьаҕастарга тиийэ бары кэтэһэр тэрээһиммит — оҕо уһуйаанын кэнсиэрэ буолар. Бүгүн ыам ыйын 19 күнүгэр Аан дойдутааҕы ырыа күнүн көрсө «Мичээр» оҕо уһуйаанын сыллааҕы үлэтин отчуоттуур «Ойор күннээх оҕо саас» кэнсиэрэ буолан ааста.Бары иитиллээччилэр кыттыылаах, уһуйаан үлэтин хайысхатынан баай ис хоһоонноох кэнсиэр буолла. Саха омугун төрүт культуратыгар олоҕуран туруоруллубут үҥкүүлэр, бэлэмнэммит ырыалар, хоһооннор, бэл диэтэр, саамай кырачаан иитиллээчилэр муода көрдөрөн көрөөччүлэри үөртүлэр. Маны тэҥэ аныгы олох хардыытыгар сөп түбэһэр оҕо бэйэтэ сэҥээрэр мультиктарын муусукаларынан кырачааннарбыт бииртэн биир чаҕылхай нүөмэрдэргэ тахсан саалаҕа дохсун ытыс тыаһа үҕараабата.Ити курдук, олус истиҥ, иһирэх тэрээһин Бөтүҥнээҕи «С.Я. Левин аатынан норуот айымньытын киинин» саалатыгар толору мустубут дьону сэргэхситтэ.Кэнэҕэски көлүөнэни эт-хаан, билии-көрүү өттүнэн сайыннарар, иитэр-үөрэтэр, оҕо доруобуйатын тупсарыыга чэбдигирдэр үлэни ыытар, оскуолаҕа баралларыгар бэлэмниир тыын тэрилтэ, оҕолорбут көмүс уйалара — «Мичээр» уһуйаан үүнэ-сайда тур!