Бүгүн Бөтүҥ нэһилиэгэр «Ситим» фольклорнай ансаамбылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Василий Алексеевич Неустроев кэлэн Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтин чэрчитинэн Аммалыы оһуохайы таһаарарга кырыымпаҕа маастар кылаас ыытта. Бу маастар кылааска «Ситим» фольклорнай бөлөх кыттааччыларын ураты биирдиилээн интэриэстээх дьон кэлэн дьарыктаннылар, билиилэрин хаҥаттылар.