Аралыйар ыраас уулаах, айгыр-силик айылҕалаах Амма эбэни кыйа тайаан сытар, дьон-сэргэ тоҕуоруһа үөскүүр Бөтүҥ түөлбэтигэр бэс ыйын 17 күнүгэр самаан сайын сатыылаан кэлбит үөрүүтүгэр, өбүгэбит үгэһинэн Үрүҥ Тунах ыһыах үөрүүлээхтик буолан ааста.Ыһыах аһыллыытыгар түһүлгэҕэ «Талаана» түмсүү уонна Бөтүҥ нэһилиэгин кэрэ аҥардара киирэн тоҕус томторҕолоох түптэ маҥан буруотун унаарытан ыраастаан арчылаатылар. Ол кэннэ үрдүк айыыларга сүгүрүйэн, алгыс баһын сыалаан, аал уот нөҥүө көрдөһөн Василий Кочаткин уҥа өттүгэр уолаттардаах, хаҥас өттүгэр кыталык кыргыттардаах алгыһы түһэрдэ.
«Махтал» норуодунай үҥкүү коллектива, Егор Никифоров, Сандаара Слепцованы, Иван Ксенофонтов, Розалия Иванова, Снежанна Егорова, Дайаана Егорова, «Махтал» этнофольклорнай үҥкүү коллектива, «Күн Куо» вокальнай бөлөх эҕэрдэ музыкальнай нүөмэрдэри көрдөрдүлэр. Алгыһы иҥэринэн санаалыын көтөҕүллэн Матрена Порядина оһуохайы таһаарбытыгар ыһыахха кэлбит ыалдьыттар, олохтоохтор оһуохайдаан ойдулар, эһиэкэйдээн тэйдилэр.
Маны тэҥҥэ араас күрэхтэр буоллулар. «Саха маанылаах таҥаһа» күрэх «Аныгылыы истииллээх күннэтэ кэтиллэр саха таҥаһа» уонна «Үгэскэ олоҕурбут саха таҥаһа» диэн икки көрүҥүнэн улахан дьон уонна оҕолор бөлөхтөрүгэр арахсан ыытылынна. Кыттааччылар таҥара табатын курдук таннан, сир симэҕин курдук симэнэн, кустук курдук куоһанан, ох курдук оностон кэлбиттэр. Оҕолорго 1 миэстэ — Васильева Вика, 2 миэстэ — Эверстов Эльдар, 3 миэстэ — Татаринов Ариан, эр дьоҥҥо 1 миэстэ — Корякин Иван Никитич, 2 миэстэ — Борисов Егор Афанасьевич, 3 миэстэ — Семенов Терентий Николаевич, дьахталларга 1 миэстэ — Борисова Марианна Спиридоновна, 2 миэстэ — Чабыкина Саргылана Афанасьевна, 3 миэстэ — Дьяконова Марта Константиновна буоллулар. Дьүүллүүр сүбэнэн — Амматааҕы Федот Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтин ойуулуур дьүһүннүүр салаатын сүрүннүүр специалиһа, СР культуратын туйгуна — Дария Ивановна Иванова, СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара, Саха сирин технологияларын Институтун эбии үөрэхтээһиҥҥэ учуутала, биир дойдулаахпыт — Василена Валерьевна Шарина, Николай Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын технологияҕа учуутала, иистэнньэҥ — Туяра Петровна Самсонова үлэлээтилэр.
Амма улууһугар 2024 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн уонна норуот ырыаһыта, олоҥхоһут Т.В. Захаров – Чээбий төрөөбүтэ 155 сылыгар аналлаах улуустааҕы оскуола оҕолоругар «Оллоон олоҥхото» олоҥхону толорууга күөн күрэс ыытылынна. Уопсай түмүккэ 7-13 саастаахтарга 1 үрдэл Обутова Нарыйаана, 2 үрдэл — Артемьева Арина, 3 үрдэл — Татаринова Айна, 14-17 саастаахтарга 1 үрдэл — Слепцова Сандаара, 2 үрдэл — Дьяконова Надя, 3 үрдэл — Степанова Лена буоллулар. Чупрова Сандаара, Павлова Маша, Обутова Сайнаара анал ааттары ылан үөрүүлэрэ үрдээтэ. Бөлөҕүнэн толорууга — «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхону Борисова Айсена, Назарова Настя, Иванова Нарыйа, Яковлева Сайнаара толорон 1 миэстэ, Бөтүҥ орто оскуолатын 3 кылааһын коллектива 2 миэстэ буоллулар. Олоҥхону толорууну Абаҕатааҕы Үстүүн Нохсоороп аатынан духуобунас киинин фольклорга специалиһа, «Кылыһах» фольклор түмсүү салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин оһуохайга «Үтүөлээх этээччи», «Дархан этээччи» анал ааттар хаһаайката Матрена Алексеевна Порядина, Бөтүҥнээҕи Николай Егорович Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын историяҕа учуутала, хомусчут импровизатор Егор Трофимович Никифоров, Степан Яковлевич Левин аатынан норуот айымньытын киинин уус-уран салайааччыта, «Ситим» фольклорнай коллектив салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Саина Ивановна Попова сыаналаатылар.
Спортивнай түһүлгэҕэ саха төрүт оонньууларыгар мас тардыһыытыгар, хапсаҕайга, сүүрүүгэ күрэхтэр бэрт тэрээһиннээхтик аастылар.
Киэһэ өттүгэр Маҥхааһай алааска үгэскэ кубулуйбут ат сүүрдүүтэ, ону тэҥэ чааһынай сылгылаахтарга «Дьөһөгөй оҕото» күрэх буолла. Бу киэһэ тыҥааһыннаах тэрээһининэн Бөтүҥнээҕи «С.Я. Левин аатынан норуот айымньытын киинэ» тэрийбит «Алгыс» сүүйүүлээх оонньуу буолла. Сүрүн бириистэри тепловентиляторы — Чупров И.Г., бассейны — Мартынова В.Д., таҥас сууйар массыынаны — Иванов Е.Т., 10 000 уу харчынан — Сидоров В.А., 50 лиитирэ АИ-95 — Иванова Л.А, 50 лиитирэ сэлээркэни — Никитина А.Н. талааннаах тарбахтарынан сүүйэн ыллылар. Оонньуу муҥутуур кыайыылааҕынан Иванова Айыына Алексеевна тахсан мопед Racer 110N- Delta A хаһаайката буолла.
Самаан сайын салаллыбыт, саргылардаах кэмигэр, уйгулаах сайыммыт ыһыаҕар көхтөөх кыттыыны ылбыт дьоммутугар эҕэрдэ мааныта, баһыыба бастыҥа буоллун, ситиһиилэргит өссө да үксүү турдуннар, кэнчээри ыччаттаргыт куруук үөрдэ сырыттыннар. Илин өттүгүт ибири билбэтин, кэлин өттүгүт кэнтиги көрбөтүн, сыспай сиэллээххит эбиллэ турдун, хороҕор муостааххыт үксүү турдун, кэнчээри ыччаккыт кэскиллээх буоллун. Саргыбыт салалыннын, элбээн, тэнийэн, чэчирээн иһиэҕиҥ. Үрүҥ Тунах ыһыаҕынан! Уруй-айхал, айхал-мичил!