Бэс ыйын 23 күнүгэр Бөтүҥнээҕи «С.Я. Левин аатынан норуот айымньытын киинигэр» Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, «Кыайыы 60 сыла», «СӨ тэриллибитэ 100 сыла», «Пионерия 100 сыла» мэтээллэр хаһаайыннара, «Гражданскай килбиэн», «Амма киэн туттуута» анал бэлиэлэр хаһаайыннара Екатерина Дмитриевна Дьячковская ахсыс кинигэтэ сүрэхтэннэ. Ол иннинэ, Екатерина Дмитриевна Бөтүҥ нэһилиэгин историятын сырдатар «Бөтүҥ нэһилиэгин киэн туттар дьоно», «Меценаттар», «Уһун үйэлэнии төрдө — чөл олох», «Нэһилиэк сайдыытын түстэспит дьоһун дьоммут», «Сүрэх баҕатынан, санаа күүһүнэн», «Бөтүҥ нэһилиэгэр спорт сайдыыта», «Кыайыыны уһансыбыт ытык көлүөнэ дьоммут» кинигэлэрэ дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыттара.
«Бөтүҥнэр салайар үлэ үктэлигэр» кинигэҕэ Бөтүҥтэн төрүттээх араас таһымнаах салайар үлэ эйгэтигэр үлэлээбит уонна үлэлии сылдьар дьоммутугар ананна. Кинилэр Бөтүҥмүт киэн туттуулара буолаллар,»- диэн Екатерина Дмитриевна киирии тылыгар ахтар. Бу сабыс-саҥа кинигэ «Алаас» издательскай кииҥҥэ таҥыллан «Лидер» диэн кинигэ издательствотыгар 300 экземплярынан тахсыбыт. Редакторынан Р.Г. Оконешникова, техническай редакторынан уонна дизайнерынан М.Д. Колодезникова үлэлэспиттэр, компьютерга Г.С. Колодезников таҥмыт.
Екатерина Дмитриевна бу кинигэтин кэргэнигэр, олоҕун тухары салайар үлэҕэ үлэлээбит, педагогическай үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, РФ коммунистическай партиятын бочуоттаах бэтэрээнэ Иван Михайлович Дьячковскай сырдык кэриэһигэр анаабыт. Кинигэ тахсыытыгар үбүнэн СӨ судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутаата, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Амма улууһун, Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Руслан Еремеевич Федотов, билигин сынньалаҥҥа олорор полиция полковнига Самсон Васильевич Чупров, эдэр кэскиллээх урбаанньыт Николай Николаевич Иванов, СӨ үтүөлээх учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Светлана Алексеевна Неустроева, урбаанньыт Владислав Ванифадьевич Васильев, Амма улууһун дьаһалтата, Бөтүҥ нэһилиэгин баһылыга Алексей Николаевич Никитин күүс-көмө буолбуттар.
Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ Бөтүҥ нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Алексей Николаевич Никитин, Амма улууһун култуураҕа уонна норуот айымньытын салалтатын култуурунай сынньатар отдел салайааччыта Николай Николаевич Нестеров, «Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто агрооскуолатын» дириэктэрэ Акулина Семеновна Иванова, «Бөтүҥ» тыа хаһаайыстыбатын кооперативын салайааччыта Дмитрий Степанович Левин, урбаанньыт Николай Николаевич Иванов, «С.Я. Левин аатынан норуот айымньытын киинин» дириэктэрэ Анна Федоровна Яковлева, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ социальнай сулууспатын, гражданскай инициативаларын туйгуннара Ансема Семеновна Осипова, СӨ үлэ бэтэрээнэ, Амма улууһун, Чапчылҕан, Бөтүҥ нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Анатолий Дмитриевич Афанасьев, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Вера Васильевна Чупрова, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Бөтүҥнээҕи ветучасток сэбиэдиссэйэ Нина Семеновна Нестерова, Бөтүҥнээҕи библиотека үлэһитэ Лилия Афанасьевна Семенова ыҥыырыылаах ыалдьыт буолан кэлэн эҕэрдэ тылларын этэн, Екатерина Дмитриевнаҕа ис сүрэхтэриттэн махтанан олус сылаас, иһирэх тыллары эттилэр.
Бу умнуллубат кэрэ бэлиэ түгэни Петр Ефремов, Егор Никифоров, Снежанна Егорова, Николай Нестеров музыкальнай эҕэрдэлэринэн истиҥ эйгэлээх көрсүһүүнү өссө киэргэттилэр, ситэрэн-хоторон биэрдилэр. Бу дьоһун тэрээһини СӨ үтүөлээх учуутала Светлана Алексеевна Неустроева салайан ыытта.
Екатерина Дмитриевна, Бөтүҥмүт култуурата сайдарыгар ураты суолталаах үлэҕэ кыттыһан нэһилиэк историятын сурукка тиһэн, кинигэҕэ киллэрэн хаалларарыҥ үтүө холобур, кэрэҕэ кынаттыыр, сырдыкка-ыраахха угуйар көстүү буолар. Бу курдук кэскиллээҕи көрөн, өйгүн-санааҕын, билиигин-көрүүгүн түмэн, дьоҕургун биэрэн, бар дьонуҥ ытыктабылын ылан дьаныардаахтык, үтүө суобастаахтык үлэлии-хамсыы сырыт диэн алгыыбыт! Саҥаттан саҥа ситиһии, сонунтан сонун арыйыы, сүргэҕин көтөҕөн, санааҕын кынаттаан, үрдүктэн үрдүккэ көтүтэ туруохтун. Эйиэхэ уонна дьиэ кэргэҥҥэр мэлдьи ситиһии эрэ эҥээрдэстин, куруук дьол-соргу эрэ тосхойдун!