Алтынньы 1 күнэ — Аан дойду үрдүнэн аҕам саастаахтар күннэринэн биллэриллибитэ ыраатта. Онтон Бөтүҥҥэ аҕам саастааахтар декадалара алтынньы 1 күнүттэн 13 күнүгэр диэри ыытылынна. Ол курдук, алтынньы 2-3 күннэригэр тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии оҕолоругар анаан олохтоох балыыһа үлэһиттэрэ кыттыылаах дьиэнэн сылдьан көрүү буолла. Кинилэргэ анаан нэһилиэк тэрилтэлэрин үлэһиттэрин күүһүнэн «Амма олоҕо» уонна «Забота арчы» хаһыаттарга суруттарыы ыытылынна. 3-с көлүөнэ оскуола кыттыылаахтара СВОларга анаан Амма нэһилиэгэр киирэн сиэткэ баайыытыгар үөрэннилэр.Алтынньы 13 күнүгэр «С.Я. Левин аатынан норуот айымньытын киин» дьиэтигэр аҕам саастаах дьон декадатын индия истииллээх «Shakti-party» түмүктүүр киэһэтэ буолан ааста. Традиция быһыытынан олохтонуллубут, нэһилиэкпит тэрилтэлэрэ бары түмсэн, аҕам саастаахтарга анаан ас арааһын астаан, баай байылыат остуолу тартылар. Ытык дьоммутугар баһылыкпыт солбуйааччыта Алексей Алексеевич Стручков, «Бэтэрээннэр сэбиэттэрэ» түмсүү бэрэссэдээтэлэ Тамара Прокопьевна Давыдова үтүө тылларын анаатылар, доруобай, уһун үйэлээх буолалларыгар ба5а санааларын эттилэр. Маны сэргэ үбүлүөйдээх кырдьаҕастарга тэрилтэлэр истиҥ эҕэрдэлэрэ, сэмэй бэлэхтэрэ туттарылыннылар. «Күн Куо» ырыа ансаамбылын кэрэ куолара бииртэн биир истиҥ ырыалары бэлэхтээн тэрээһини киэргэттилэр. «Лучший индийский образ» күрэххэ 9 далбар хотун кыттыбыт түмүгэр: 1 миэстэ — Екатерина Афанасьевна Рахмонова, 2 миэстэ — Надежда Афанасьевна Неустроева, 3 миэстэ Тамара Федоровна Дьяконова бочуоттаах миэстэҕэ тигистилэр, кыттааччыларга барыларыгар өйдөбүнньүк бэлэхтэр, кыайыылаахтарга грамоталар, сыаналаах бириистэр туттарылыннылар. Индия дойдутугар аналлаах фотозонаҕа дьон астына хаартыскаҕа түстүлэр. Кэлбит ыалдьыттарбыт кулууп дьиэтин иһинэн «Cinema club» киинэ салаата үлэлии турарын, туох, хайдах оборудованиелар кэлбиттэрин, кыракый видео көрөн үөрдүлэр-көттүлэр, астыннылар. Ону таһынан көрдөөх оонньуулар ыытылыннылар, истиҥ кэпсэтиилэр, иһирэх санаалар этилиннилэр.Күндү ытык-мааны дьоммут, оҕолоргут-сиэннэргит тустарыгар өссө да уһуннук олорон чэгиэн-чэбдик сылдьарыгытыгар баҕарабыт! Биэчэри тэрийсибит тэрилтэлэргэ махтал тылларын тиэрдэбит.