Олунньу 15 күнэ — А.Д. Софронова төрөөбүт күнэ

Анисия Даниловна 1946 с.олунньу 15 кунугэр Амма улууьун Соморсун
нэьилиэгэр Елена Андреевна Иванова, Данил Николаевич Софроновтарга 3
о5олоохторуттан иккис о5онон кун сирин кербутэ.

Оскуоланы
ситиьиилээхтик бутэрэн Дьокуускайдаа5ы культурнай-сырдатар училище5а
уерэнэ киирэр. 1968 с. уерэ5ин бутэрэн, улэтин Бетуц кулуубугар
сэбиэдиссэйинэн са5алыыр. Кэлин доруобуйата мелтеен 7 сыл сберкасса5а,
17 сыл почта начаалынньыгынан улэлээбитэ. Ол эрээри кулууптан тэйбэтэ5э.
Кунуску сыралаах улэтин кэнниттэн киэьэтин кулуупка суурэрэ. Ол иьин да
буолуо, нэьилиэк дьоно кинини сааьын тухары кулууп улэьитин курдук
кереллере. Хамнаьа суох кулууп улэьитэ Анисия Даниловна араас
тэрээьиннэри, бырааьынньыктары, кэнсиэрдэри, убулуейдэри ис сурэ5иттэн
тэрийэрэ, бэлэмниирэ, ыытара. Ол кэмцэ Бетуц нэьилиэгэ араас куен
курэстэргэ, бэстибээллэргэ бастакы миэстэттэн туспэтэ.
Анисия Даниловна пенсия5а тахсан баран, бэйэтэ этэринии, кулуупка
дьэ хамнастаах улэьит буолар. Худругунан улэлиир кэмигэр 7 куруьуогу
салайан улэлэппитэ: “Дьулуур” улахан дьон драм беле5ун, “Телен” оскуола
о5олорун драм беле5ун, “Оллоон” фольклрнай беле5у, “Кубэй” ырыа
ансаамбылын, “Ситим” уцкуу беле5у, “Вокал” биирдиилээн ырыаьыттары
тумэр беле5у. Кини салайар фольклор уонна драм белехтере араас курэххэ,
куонкуруска дипломант, лауреат буолуталаабыттара.
Анисия Даниловна Бетуц орто оскуолатыгар “Оллоон” диэн фольклор
беле5ун 2000 сылтан са5алаан тэрийбитэ. О5олору кытта уопсай тылы
тургэнник булан, ейдеьен олус айымньылаахтык улэлээбитэ. Олоцхону
беле5унэн уонна биирдиилэн толорорго уерэтэрэ. Чабыр5ахха, норуот
ырыатыгар эмиэ уьуйара. Ону сэргэ драмкуруьуогу салайара. “Оллоон” белех
уьуйуллааччылара “Олоцхо дойдутун о5отобун” диэн курэххэ сылын аайы
миэстэлэьэллэрэ, кыайыылаах буолаллара. Эдэр олоцхоьуттар “Планета
детства” диэн норуоттар икки ардыларынаа5ы бэстибээлгэ лауреат урдук
аатын ылары ситиспиттэрэ. Анисия Даниловна салайар “Оллоон” беле5е

кердеруулээх (образцовай) ансаамбылга тиийэ ууммутэ. 2006 с. “Олоцхону
терут ньыманан уерэтии” диэн семинары улууска урдук таьымца ыыппыта.
2006 с. саха олоцхото чулуу айымньы быьыытынан ЮНЕСКО-5а
киирбитигэр ереспуубулукэ5э улахан форум ыытыллыбыта. Онно олоцхону
толорууну сутэрбэккэ илдьэ кэлбит ситиьиилээхтик улэлиир 6 (алта) улуус
ааттаммыта. Ол иьигэр Амма улууьа эмиэ баара. Онуоха Анисия Даниловна
утуетэ-ецете улаханын бары бэркэ билэрбит. Кэлин улэтин уопутун тумэн
ереспуубулукэ уьуйааччыларыгар, учууталларга семинары эмиэ урдук
таьымца ыыппыта.
Анисия Даниловна биир сиргэ тулуйан олорбот, мэлдьи сацаны кердуур,
арыйар, айар киьи. 2002 с. “Сылгы саха култууратыгар сыьыана” диэн
дакылаатынан ереспуубулукэ5э 2-с миэстэни ылбыта. 2003 с. “Жемчужина
якутского фольклора олоцхо – дар в будущим поколениям” диэн улэтинэн 50
тыьыынчалаах Грант ылан, “Оллоон” беле5ун сацалыы сиэдэрэй
тацастаабыта. “Улууска олоцхо ассоциациятын тэрийии” бырайыагы оцорон,
ол чэрчитинэн Бетуццэ улуусьаа5ы фольклор бэстибээлэ ыытыллыбыта.
Анисия Даниловна 2011 сылтан Амма5а А.А.Черемных аатынан о5о
ускуустубатын оскуолатыгар фольклор салаатыгар оло5ун тиьэх кунугэр
диэри утуе суобастаахтык, айымньылаахтык улэлээбитэ. 2012 с.
В.М.Новиков – Куннук Уурастыырап убулуейугэр “Тойон Дьа5арыма”
олоцхону “Оллоон” белех кууьунэн туруоран, саха тылын, литературатын
учууталларын кытта бырайыак оцорон, “Амма” телевидениетэ устан
методическай пособие быьыытынан тар5аммыта. Угус уопутугар, дириц
билиитигэр оло5уран олоцхону уерэтиигэ 5 сыллаах программаны оцорбута.
Амма улууьун биллэр олоцхоьуттара Т.В.Захаров – Чээбий, У.Г.Нохсоороп,
В.М.Новиков – Куннук Уурастыырап, Е.Е.Иванова олоцхолорун тумэн 15
олоцхону о5олор толороллоругар анаан кылгатан оцорбута. 2018 с таьаарбыт
“Оллоон олоцхото” диэн кинигэтигэр киллэрэн угус уьуйааччы туьанарыгар
тугунан да кэмнэммэт суду улэни бэлэх ууммута. Кини сыралаах улэтин
тумугэр олоцхону толоруу утумнаахтык уерэтиллэн кэллэ, уйэтитэр улэ
куускэ ыытылынна. Уерэппит о5олоро учууталларын утумнаан олоцхону
уйэтитиигэ улэлэьиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Анисия Даниловна Софронова утуе суобастаах айымньылаах улэтинэн,
кэскиллээ5и тустуур утуе ыратынан, сырдык иэйии кыымын о5о дууьатыгар
са5ар, сырдыгынан сыдьаайар утуе санааны дьон-сэргэ кутугар иитиэхтиир,
талба талааны арыйар, киьини урдуккэ кынаттыыр улэни утумнаахтык
ыыппыта. Ол туьугар оло5ун бутуннуу анаабыта.

Ытыктыыр киьибит Анисия Даниловна Софронова тапталлаах ийэ,
эйэ5эс эбээ, дьулуурдаах улэьит киьи быьыытынан ейбутугэр-сурэхпитигэр еруу тыыннаах буолуо5а, келуенэттэн келуенэ5э аата ааттана туруо5а.

Оставьте комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Прокрутить вверх