Күндү Бөтүҥмүт дьоно-сэргэтэ! Бэс ыйын 1️⃣4️⃣ күнүгэр күнүс 1️⃣4️⃣:0️⃣0️⃣ чаастан, «Дьаам алааһыгар»??? Амма улууһугар Бөтүҥ нэһилиэгэр олоҥхо сылын чэрчитинэн уонна «Оллоон» оҕо көрдөрүүлээх фольклорнай ансаамбылын иитиллээччитэ Маша Давыдова аатыгар анаммыт уһуйаан, оскуола оҕолорун иһинэн ыытыллар «Оллоон олоҥхото!» күөн күрэскэ кыттын диэн ыҥырабыт???
Күрэххэ кытталлар:
- олоҥхонон дьарыгырар уһуйаан оҕолоро 4 – 6 саастарыгар диэри;
- оскуола оҕолоро 7-13 саастарыгар диэри;
- 14-17 саастарыгар диэри
Сайаапканы (толору ааккыт, сааскытын, толорор олоҥхоҕут аатын) ватсап нөҥүө 89679133439 (Попова С.И) нүөмэргэ ыытаҕыт