2022 сыл — Россияҕа норуоттар култуурунай нэһилиэстибэлэрин сыла , Саха Өрөспүүбүлүкэбитигэр Ийэ сыла, Амма улууһугар уонна Бөтүҥ нэһилиэгэр Аҕа сыла. Бүгүҥҥү видеоматериалга эһиги көрүөххүт: Бөтүҥ нэһилиэгин култуурунай нэһилиэстибэтин сырдатар матырыйааллары (ытык-сирдэр, памятниктар), «Герой ийэ» үрдүк аат, «Ийэҕэ албан аат» знак хаһаайкаларын, «БААТ» түмсүү тэриллиитин, «Бөтүҥ нэһилиэгэ» МТ баһылыга А.Н. Никитин эҕэрдэтин.