2023 сыл кулун тутар 27 күнүгэр Бөтүҥ дьоно-сэргэтэ өр сыл кэтэспит баҕа санаабыт туолла. «Дьулуур» театральный коллектив «Норуодунай» ааты сүгүөн сүктэ. Бу ааты ыларга үлэлэспит дьоммутугар, кыттааччыларбытыгар, көрөөччүлэрбитигэр улахан Махтал! Бу бэлиэ күн «Дьулуур» коллектива Сахаяна Гурьева режиссердаах Миитэрэй Наумов «Соргулаах суорумньу» кэмиэдьийэтин туруоран бар дьоннорун сэргэхситтилэр, биһирэбиллэрин ылллылар. Биһиги тыйаатырбыт инникитин даҕаны үлэтин хайысхатын өссө кэҥэтэн-тупсаран, култуура, искусство эйгэтигэр үрдүк таһымнаах элбэх испэктээги туруоран, норуот үгэһигэр, култууратыгар тирэҕирэн дьон өйүгэр-санаатыгар, кэнэҕэски ыччакка тиэрдэн, «Дьулуур» норуодунай тыйаатыр артыыстара – өссө сайдыылаах, инники кэккэҕэ сылдьар, бар дьону үөрдэ-сөхтөрө туруохтара диэн улаханнык эрэнэбит. Бөтүҥ дьонугар-сэргэтигэр бүгүҥҥү күн үтүө өйдөбүл, кэрэ кэпсээн буолуо дии саныыбыт. Бука барыгытыгар сырдыгы, тапталы, дьолу баҕарабыт.