Муус устар 24 күнүттэн 28 күнүгэр диэри Амма улууһун эдэр ыччаттарыгар аналлаах «Дьыалабыай оонньуу -2023» буолан ааста. Бу оонньуу сүрүн соруктарынан Амма улууһун нэһилиэктэрин сайдыыларыгар аналлаах социальнай бырайыактары өйөөһүн уонна талааннаах ыччаты табы көрүү, кинини салайар үлэҕэ сирдээһин буолар. Уопсайа 13 нэһилиэк эдэр ыччаттара кыттыыны ыллылар. Кыайыылаах хамаанда бырайыагын олоххо киллэрэргэ улуус баһылыгын 500 000 солкуобайдаах Гранын ылыы иһин күөн көрүстүлэр.
Ол курдук, 100 000 солкуобайы Амма нэһилиэгин «МИК» хамаандата көһө сылдьар суһал көмөнү оҥорор волонтерскай тэрээһинигэр, оттон 400 000 солкуобайы Чапчылҕан нэһилиэгин ыччата бэлэмнээбит “Кыыс Амма” скверин аттыгар дьон олорон сынньанар, куйаар-куодунан киирэн Чапчылҕан историятын билсэр информационнай стендэлэрдээх сири оҥорор бырайыактара ыллылар.
Биһиги нэһилиэктэн «Лөглү Бөҕө сыдьааннара» хамаанда састаабыгар Валентин Иванов, Семен Степанов, Михаил Алексеев, Егор Никифоров, Анастасия Семенова, Марианна Кырбасова, Айталина Иванова киирэннэр биэс күн устата бэлэмнэнэн Сэттэ ини-бии Бөрө Бөтүҥнэргэ аналлаах «Өбүгэ суолунан» бырайыагы ситиһиилээхтик көмүскээтилэр.
Оонньуу түмүгүнэн Айталина Иванова, Марианна Кырбасова улуустааҕы каадыр резерватыгар киирэн үөрүүлэрэ үрдээтэ.