Дьокуускай куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө норуоттар икки ардыларынааҕы «Этно-кампус» бырайыак чэрчитинэн Алексей Елисеевич Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Якутия — интернациональная республика» диэн куукулалар уонна хаартыскалар быыстапкалара тэрилиннэ.
Бу быыстапкаҕа Бөтүҥ нэһилиэгиттэн Степан Яковлевич Левин аатынан норуот айымньытын киинин аатыттан уопсайа 11 куукула кыттыыны ылла. Бу куукулалары Бөтүҥ нэһилиэгин уран тарбахтаахтара идэтийбит маастар Айталина Анисьевна Дьячковская маастар-кылааһыгар сылдьан баран билиилэрин хаҥатан, маастарыстыбаларын чочуйан оҥорбуттара.
Ол курдук Амма улууһун аатырбыт олоҥхоһута Тимофей Васильевич Захаров — Чээбий «Алаҥхаҕа төрөөбүт айаас ала аттаах Ала Булкун» олоҥхотун геройдарыгар олоҕуран Егорова Снежанна Сергеевна — «Ала Булкун», Самсонова Туяра Петровна — «Очуллаан – чочуллаан бухатыыр», Афанасьева Марина Семеновна — «Айталыын Куо», Конникова Сахаяна Прокопьевна «Сабыйа Баай Тойон», Рыжкова Наталья Станиславовна — «Өһөк Харбыыр (абааһы кыыһа)», «Симэхсин эмээхсин», Новикова Людмила Ильинична «Айаас ала ат», Гурьева Надежда Дмитриевна — «Сабыйа Баай Хотун», Неверова Марианна Михайловна — «Үөмэрдээн удаҕан», Иванова Ая Николаевна — «Тимир Суордуйа бухатыыр», Марков Петр Егорович — «Сорук-боллур уол» куукулаларын оҥорон дьон хайҕабылын ылбыттара. Бу куукулаларынан «Якутия — интернациональная республика» быыстапкаҕа кытыннылар уонна быыстапкаҕа кыттыбыттарын туоһулуур дипломнарынан наҕараадаланнылар.
Быыстапканы ыам ыйын 15 күнүгэр диэри буор босхо А. Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин уҥа фойетыгар кэлэн көрүөххүтүн сөп.