Саха киһитэ, биллэрин курдук, былыр былыргаттан маҥнайгы сааскы күннэртэн үлэтин үгэнэ саҕаланар. Омукпут үгэһин тутуһан ыам ыйын 6 күнүгэр Бөтүҥ нэһилиэгин Моттохой алааһыгар мас үлэтэ күөстүү оргуйда.
”Бөтүҥ” ТХПК уонна олохтоох дьаһалта быйыл сиэрдийэ бэлэмнээһинигэр анаммыт «Үлэ күүһэ» күрэҕи төрдүс төгүлүн тэрийэн ыыттылар. Бу күрэх нэһилиэк тэрилтэлэрин уонна түөлбэлэрин икки ардыгар ыытыллар «Сайдыс — 2023» култуурунай спортивнай күрэх иһигэр киирдэ. Быйылгы «Үлэ күүһэ» сүрүн уратытынан Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥнээҕи агрооскуола тэрийиитинэн Амма улууһун оскуолаларын хамаандалара күрэххэ кыттыбыттара буолла. Ол курдук, Л.В Киренскай аатынан Амматааҕы лиссиэй, А.Е Кралин аатынан Абаҕа агро орто оскуолатын, П.Е Караканов аатынан Мээндиги агро орто оскуолатын, Ф.Ф Лобанов аатынан Чапчылҕан орто оскуолатыттан 2 хамаанда, Бөтүҥ агрооскуолатын үөрэнээччилэрэ кэлэн бэйэлэрин холонон көрдүлэр.
Тэрээһини улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Василий Бураев, Бөтүҥ нэһилиэгин баһылыга Алексей Никитин, тыа хаһаайыстыбатын управлениятын начальнигын солбуйааччыта Алексей Шишигин, Бөтүҥ агрооскуолатын дириэктэрэ Акулина Иванова, ”Бөтүҥ” ТХПК профсоюһун бэрэссэдээтэлэ Елена Харитонова, Бөтүҥ нэһилиэгин ойуур хаһаайыстыбатын маастара Егор Борисов эҕэрдэ тылларынан арыйдылар, кыттыылаахтары кыайыыга кынаттаатылар.
Кыттааччылар сиэрдийэ бэлэмнээһинигэр эрэ буолбакка сыал ытыытыгар, күөһү, чэйи бириэмэҕэ өрөргө эмиэ куоталастылар.
«Үлэ күүһэ — 2023» курэх тумугунэн маннык номинациялар ананнылар:
Дьахталларга “Бастын сыал ытааччы” — Чирикова К.Д.
Эр дьоҥҥо “Бастын сыал ытааччы” — Баранов Д.Е.
«Кэскиллээх масчыт» — Никитин З.П.
«Кэскиллээх масчыт» – Степанов И.П.
«Бастыҥ мас хайытааччы»– Васильев В.В.
“Бастыҥ мас эрбээччи» – Татаринов Д.М.
“Түргэн мас эрбээччи»– Чупров И.Г.
Дружбанан мас эрбээччилэр
–Иванов П.Н.
— Никифоров П.С.
— Борисов С.А.
— Борисов Е.А.
— Яковлев А.А.
Хамаанданы тумэн а5албыт салайааччылар
– Алексеев А.М.
— Артемьев Н.А.
— Неустроев В.В.
— Давыдов Н.С.
— Попов К.С.
Уопсай түмүккэ «Мичээр» оҕо сайдар киинин уонна дьиэлэри, тэрилтэлэри сылааһынан хааччыйар олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба хамаанда 1 миэстэ, Николай Егорович Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын хамаандата 2 миэстэ, С. Я Левин аатынан норуот айымньытын киинин, Владимир Неверев аатынан элбэх хайысхалаах адаптивнай саала, олохтоох дьаһалта кэллэктииптэрин хамаандата 3 миэстэ буолан сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Оҕолорго 1-кы миэстэҕэ Бөтүҥ агрооскуолата, 2-с миэстэҕэ Амматааҕы лиссиэй, 3-с миэстэҕэ Абаҕа агрооскуолата таҕыстылар.
Бу курдук Бөтүҥ нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ бүгүҥҥү күннэрин бэрт сэргэхтик, туһалаахтык атаардылар, «Бөтүҥ» ТХПК үлэтигэр күүс-көмө буоллулар.