«Сэрии ыар кырдьыга»
Ыам ыйын 9 күнэ дойдубут хас биирдии олохтооҕор ураты суолталаах, дириҥ өйдөбүллээх.
Бөтүҥмүт сиригэр 2023 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр бу Улуу күнү 78 төгүлүн көрсө эрдэттэн былааннанан, бэлэмнэнэн, тэринэн көрүстүбүт. Сарсыарда Албан аат болуоссатыгар Кыайыы күнүгэр анаммыт үөрүүлээх чаас ыытылынна. Манна Степан Яковлевич Левин аатынан Бөтүҥнээҕи норуот айымньытын киинэ бэлэмнээбит бырааһынньыктааҕы эҕэрдэ нүөмэрдэри көрдүлэр, полевой кухня бэлэмнээбит минньигэс хааһытын амсайдылар, итии чэй истилэр.
Сэрии толоонугар хорсуннук охтубут, сураҕа суох сүппүт, тыылга харса суох Кыайыы туһугар үлэлээбит, эйэлээх олоҕу тутуспут күндү дьоммут сырдык кэриэстэригэр сүгүрүйэн харыйа ытык бэлиэтин «Кутурҕан томторугар» уурдулар.
Киэһэ «Дьулуур» норуодунай театр туруорбут «Сэрии ыар кырдьыга» литературнай музыкальнай дьүһүйүүнү кэлбит көрөөччү бары биир тыынынан сүрэх долгуйа, харах уулана көрдүлэр-иһиттилэр. Ол кэнниттэн «Сайдыс — 2023» спортивнай культурнай күрэх чэрчитинэн Бөтүҥ түөлбэлэрин икки ардыгаларыгар «Эхо далеких времен» диэн байыаннай ырыа күрэҕэ буолан ааста. Бу күрэххэ дьүүллүүр сүбэнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕэриитин туйгуна, Бөтүҥнээҕи «Мичээр» о5о сайдар киинин дириэктэрэ Анна Ивановна Григорьева, С. Я. Левин аатынан норуот айымньытын киинин хормейстера Снежанна Сергеевна Егорова, «Мичээр» о5о сайдар киинин музыкальнай салайааччыта Елена Спирдоновна Никитина үлэлээтилэр.
Уопсай түмүккэ, «Арчы» түөлбэттэн Галина Яковлева, Петр Ефремов уонна Марианна Борисова «Ыллаатын саллаат, ыллаатын» ырыанан «За лучшее живое исполнение» анал ааты, «Эрчим» түөлбэттэн Светлана Неустроева, Анжелика Кудинова уонна Елена Неустроева “Катюша” ырыанан 3 миэстэ, «Кэскил» түөлбэттэн Розалия Иванова, Ефросинья Иванова уонна Мария Иванова «Журавли» ырыанан 2 миэстэ уонна «Сарыал» түөлбэ дьонун аатыттан Николай Нестерев уонна Олег Егоров 1 миэстэни ылан үөрүүлэрэ үксээтэ.
Бу барыта кэлэр көлүөнэ ыччаты дойдумсах буолууга, дойдуга бэриниилээх буолууга иитиигэ төһүү күүс буолар. Түмсүүлээх буолуу, улаҕата көстүбэт улуу аар силик айылҕаҕа, иэнэ биллибэт киҥкиниир киэҥ куйаар улуу күүстэригэр сүгүрүйүү, үс куту алтыһыннаран туруулаһыы уйгулаах ис киэбэ буоларын өйдүөҕүҥ, бары бииргэ буолуоҕуҥ!