Бүгүн самаан сайын салаллыыта бэс ыйын 7 күнүгэр үлэни өрө туппут, үлэнэн дьолломмут, колхознай-совхознай тутул актыыбынай кыттыылааҕа, маяк ыанньыксыт, герой-ийэ, «Аҕа дойдуга үтүөлэрин иһин» IV степеннээх орден кавалера, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын Государственнай бириэмийэтин лауреата, дьахталлар республикатааҕы VIII съезтэрин делегата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Амма улууһун, Алтан, Бөтүҥ нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, Бөтүҥ киэн туттуута, тарбахха баттанар, ытыктанар киһитэ Аграфена Егоровна Сутакова 85 сааһын туолар үөрүүлээх күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Киһи, Үлэһит, Герой-ийэ быһыытынан эдэр көлүөнэни иитиигэ-үөрэтиигэ тус бэйэтин үлэтинэн, олоҕунан үтүө холобур буолар, үрүҥ илгэни үрүйэлии сүүрүгүрпүт туруу үлэһит киһиэхэ, үлэ бастыҥар сүгүрүйэн, махтанан туран баҕарабыт булгуруйбат дьулууру, тулууру! Эйигин кытары өрүү өрөгөйдөөх үтүө майгы, айар-тобулар хотуулаах хорсун санаа аргыстастын. Бу сандаархай сайыҥҥы дьоһун күн Эн бастыҥ иэйиигин уһугуннардын, инникигэ эрэлгин эптин, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну бэлэхтээтин. Бар дьоҥҥун үөрдэ-көтүтэ уһуннук, дьоллоохтук олор!
Аграфена Егоровна олорбут олоҕун, сыралаах үлэтин кэпсиир-сырдатар «Бөтүҥнээҕи С.Я. Левин аатынан НАК» киинин иһинэн тэриллибит «Эйгэ» биирии 11 тахсыытын көрөргүтүгэр ыҥырабыт!