Быйыл «С.Я. Левин аатынан норуот айымньытын киинэ» Саха сиригэр киинэ сайдыытын ейүүр бырагырааммаҕа кыттан республика үрдүнэн 17 нэһилиэк иһигэр киирэн улахан экранна киинэ көрдөрөр «Экстра- Синема» проекторы ылары ситиспитэ. Бүгүн атырдьах ыйын 24 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев кыттыылаах куйаар ситиминэн киинэ тыйаатырдарын арыйар үөрүүлээх чааһа буолан ааста. Мантан ылата биһиги нэһилиэк саҥа тахсар киинэлэри аан дойдуну кытары биир таһымҥа көрөр кыахтанныбыт. «С.Я. Левин аатынан норуот айымньытын киинин» иһинэн «СinemaClub» саҥа киинэ тыйаатыра бу күһүҥҥэттэн көрөөччүлэригэр аанын арыйыа.