Олоҥхо десана Бөтүҥҥэ

Алгыстаах Аммабыт улууһугар 2024 сылга 17 төгүлүн ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн, олоҥхо десана кэлэн Бөтүҥ нэһилиэгин олохтоохторо хайдах, туох бэлэмнээхтэрин көрдө, иһиттэ. Ол курдук сарсыардаттан ыалдьыттарбытын сылаас алаадьынан, минньигэс быырпаҕынан айах туттубут. Нэһилиэкпит «Оллоон» оҕо көрдөрүүлээх фольклорнай ансаамбыла, «Ситим» фольклорнай коллектива, ону тэҥэ Марта Константиновна салайааччылаах Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын 3 кылааһын оҕолоро фольклор араас жанрыгар икки чаастаах кэнсиэр көрдөрдүлэр. Онтон уран-тарбахтаах иистэнээччилэрбит, маастардарбыт тикпит-оҥорбут оҥоһуктарынан быыстапка буолла. Ол кэннэ Амматааҕы норуот айымньытын дьиэтин исписэлииһэ Дария Ивановна Иванова сиэлинэн ситии баайыытыгар маастар кылаас ыытта. Киэһэ 17:00 чаастан улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта, Аммаҕа олоҥхо Ассоциациятын салайааччыта Нюргуяна Ивановна Илларионова уонна Амма култууратын управлениетын салайааччыта Иван Федорович Иванов уонна управление үлэһиттэрэ кыттыылаах олохтоох нэһилиэнньэни кытта мунньах буолла. Нэһилиэкпит олохтоохторо! Буолаары турар Олоҥхо ыһыаҕар бары түмсэн таһаарыылаахтык үлэлиэҕиҥ-хамсыаҕыҥ!

Оставьте комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Прокрутить вверх