Анна Михайловна Васильева Михаил Федорович уонна Мария Кузьминична Ивановтар дьиэ кэргэттэригэр кыыс оҕо күн сирин көрөр. Кинини таптаан Аанчык диэн сүрэхтииллэр. Бу үтүө майгылаах, күүстээх санаалаах кыыс, сырдык ыраас уулаах Амма кытылыгар күөлэһийэн үөскээбит буолан, төрөөбүт-үөскээбит дойдутун кэрэ айылҕатын, сахатын норуотун муҥура суох таптыыра. Кинини дьон-норуот ытыгылаан, убаастаан Анна Михайловна Иванова – Сэбиэт Аана диэн сөбүлээн ааттыыра.
Анна Михайловна Сэбиэккэ өр сыллаах үлэтэ республика государственноһын сайыннарыытыгар күүс-көмө буолбута, Сэбиэт үлэтиттэн саха дьахталларыттан уонна Саха Республикатыттан Социалистическай Үлэ Геройун үрдүк аатын ылбыт собус соҕотох Бөтүҥ нэһилиэгэр киэн туттар, ытыктанар киһибит буолар. Кини Бөтүҥ нэһилиэгин Сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн аан бастаан 1945 сыллаахха баара-суоҕа 28 саастааҕар анаммыта. Барыта 32 сыл устата, 1977 сылга диэри үтүө суобастаахтык, киэҥ далааһыннаахтык үлэлээн, Үлэ Геройа буоллаҕа.
Үлэлээбит кэмин устата 9 төгүл оройуон Сэбиэтин депутатынан, 1945-1977 сылларга олохтоох Сэбиэт депутатынан, ССПК райкомун чилиэнинэн, 3-с ыҥырыыга Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан, отделение партийнай тэрилтэтин секиритээринэн талыллан үлэлээбитэ.
«Олох – ыраас хонууну туорааһын буолбатах» диэн этэллэр. Анна Михайловна олоҕор мэлдьи чэпчэки, үөрүүлээх буолбатаҕа. Кэргэнэ сэриигэ баран өлөн, икки оҕотуттан матан, олох эрэйин этинэн-хаанынан билбит буолан, олоҕу үрдүктүк сыаналыыра. Уһун кэм устата нэһилиэги салайыы, элбэх дьону түмэн үлэлэтиэххэ диэтэххэ, дьахтар киһиэхэ үгүс уустуктардаах да, ыарахаттардаах да. Ол эрээри Анна Михайловна хаһан да ол кыайтарбата, бу табыллыбата диэн мөҕүттүбэтэ, үҥсэргээбэтэ киһини үөрдэр. Ол Анна Михайловна киһи быһыытынан майгыта-сигилитэ үчүгэйин кэрэһэлиир.
Социалистическай Үлэ Геройа А.М. Васильева олоҕо, үлэтэ үтүө холобур буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ турарын ситиһии биһиги ытык иэспит. Анна Михайловна аата үйэлэргэ ааттаныа!
Анна Михайловна – Сэбиэт Аана 105 сылыгар анаан тахсыбыт «Эйгэ» биэрии рубрикатын киирэн көрүҥ.