2024 сыл олунньу 15 күнүгэр Бөтүҥҥэ Амма улууһугар олоҥхо сылыгар аналлаах, СӨ култууратын уонна СӨ үөрэҕэриитин туйгуна, Үлэ бэтэрээнэ, Бөтүҥ нэһилиэгин, “Оллоон” СӨ көрдөрүүлээх оҕо фольклорнай ансаамбылын салайааччыта — Анисия Даниловна Софронова аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аммабытыгар олоҥхо дьиэрэйдин!» олоҥхону толорууга күөн күрэс түһүлгэтэ буолан ааста.
Бу күн уопсайа Аммабыт улууһун Амма, Бөтүҥ, Абаҕа, Соморсун, Эмис, Болугур, Өнньүөс, Мээндиги, Сэргэ-бэс нэһилиэктэриттэн, Мэҥэ-Хаҥаластан Лоомтуктуттан уонна Дьокуускай куораттан уопсайа 106 кыттааччы уһуйаан, оскуола оҕолоро, ыччат дьон, 36 – тан үөһээ саастаахтар толорооччулар биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн тус туһунан кэрдиистэринэн арахсан курэстэстилэр.
Дьүүллүр сүбэҕэ, Дьокуускай куораттан анаан-минээн айаннаан кэлбит ыалдьыттарбыт үлэлээтилэр: Сысолятина Зоя Григорьевна — “Олоҥхо тыйаатыра” СӨ АТ научнай-методическай уонна тас сибээскэ Олоҥхо киинин сүрүннүүр үлэһитэ, Артемьева Александра Ивановна – СӨ үтүөлээх учуутала, «Күөгэйээнэ» бөлөх салайааччыта, Старкова Вера Никитична – Хатастааҕы 70 №-х «Кэрэчээнэ» оҕо уһуйаанын фольклорга, төрүт култуураҕа исписэлииһэ, Протодьяконова Елена Николаевна – “Олоҥхо тыйаатыра” СӨ АТ научнай-методическай уонна тас сибээскэ Олоҥхо киинин сүрүннүүр үлэһитэ, Олоҥхо ассоциациятын вице-президенэ, Флегонтова Ульяна Михайловна — “Олоҥхо тыйаатыра” СӨ АТ научнай-методическай уонна тас сибээскэ Олоҥхо киинин сүрүннүүр үлэһитэ, Харитонова Сардаана Васильевна – А.Д.Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба колледжын төрүт култуура хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ.
Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри олоҥхо маннык түмүктээх буолла.
БИИРДИИЛЭЭН толорууга УҺУЙААН ОҔОЛОРУН ортолоругар
1 | Кузьмина СайнаараЮ.Борисов. «Көмʏскэс санаалаах кʏн айыы киhитэ Кэскил бухатыыр | Амма, Соморсун | 6 саас | Лебедева Мария Петровна | 16 баал | КЫЛААН ЧЫПЧААЛ |
2 | Никита НазаровС.Васильев «Эрчимэн Бэргэн» | Амма, «Кэнчээри» | 6 саас | Харитонова Мира Валерьевна | 16 баал | I ҮРДЭЛ |
3 | Гоголев АйаалКуннук Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» | Амма, Соморсун | 6 саас | Владимирова Евдокия Николаевна | 15 баал | II ҮРДЭЛ |
4 | Шамшиева ЯшминаП.Ойуунускай “Дьурулуйар Ньургун Боотур” | Амма, Хатынчаана | 6 саас | Шамшиева Аурика Павловна | 14 баал | III ҮРДЭЛ |
5 | Пахомов ГаняЮ.Борисов «Кэскил бухатыыр» | Амма, Өнньүөс | 6 саас | Мартынова Туйаара Захаровна | 12 баал | «Дорҕоонноох толорооччу» |
6 | Кузьмина Уйгууна С.Васильев «Эрчимэн Бэргэн | Амма, Өнньүөс | 6 саас | Мартынова Туйаара Захаровна | 12 баал | «Уһун тыыннаах толорооччу» |
7 | Софронеева Сайаана | Амма, Сэргэ -Бэс | 6 саас | Михайлова Анастасия Николаевна | 11 баал | «Кэскиллээх толорооччу» |
8 | Романова Мира Ю.Борисов «Кэскил бухатыыр» | Амма, Өнньүөс | 6 саас | Мартынова Туйаара Захаровна | 10 баал | «Түөлбэ үгэһин тутааччы» |
БӨЛӨҔҮНЭН толорууга УҺУЙААН ОҔОЛОРУН ортолоругар
1 | «Эрэкэ-дьэрэкэ фольклорнай бөлөх Ю.Борисов «Кэскил бухатыыр» | Амма, Бөтүҥ | 5 саас | Жиркова Мария Афанасьевна | 18 баал | КЫЛААН ЧЫПЧААЛ |
2 | Олоҥхо түһүлгэтин кэскиллэрэ Прокопьева Ульяна Николаевна “Хороҕор муостаах, соҕотох ынахтаах, Хобороонньо эмээхсин” | Амма, Сардаана | 6 саас | Прокопьева Ульяна НиколаевнаТимофеева Александра Васильевна Кононова Наталия Ивановна | 16 баал | I ҮРДЭЛ |
БИИРДИИЛЭЭН толорууга ОСКУОЛА оҕолоругар 7-13 саастаахтарга
1 | Татаринова АйнаЮ.Борисов «Баабый Баатыр» | Амма, Бөтүҥ | 9 саас | Иванова Софья Олеговна,Дьяконова Марта Константиновна | 9,6 баал | КЫЛААН ЧЫПЧААЛ |
2 | Павлова МашаЕ.Иванова «Аландаайы Куландаайы бухатыыр» | Амма, Бөтүҥ | 9 саас | Иванова Софья Олеговна,Дьяконова Марта Константиновна | 8,25 баал | I ҮРДЭЛ |
3 | Борисова АйсенаВ.М. Новиков – Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» | Амма, Бөтүҥ | 13 саас | Иванова Софья Олеговна | 8 баал | II ҮРДЭЛ |
4 | Жиркова МариелаСергей Васильев – «Мөҥүрүүр Бөҕө» | Амма, Бөтүҥ | 9 саас | Иванова Софья Олеговна | 8 баал | III ҮРДЭЛ |
5 | Артемьева АринаЮ.П. Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхо | Амма, Бөтүҥ | 11 саас | Иванова Софья Олеговна | 7,25 | «Түөлбэ үгэһин тутааччы» |
6 | Обутова НарыйаанаЕ.Е. Иванова – «Аландаайы Куландаайы» | Амма, Бөтүҥ | 11 саас | Иванова Софья Олеговна | 7 | «Түөлбэ үгэһин тутааччы» |
7 | НьургуйаанаУстиноваЮ.П.Борисов»Көмүскэс санаалаах күн айыы киһитэ Кэскил бухатыыр» | Амма, Эмис | 10 саас | Матрена Иннокентьевна Владимирова- Силигийээнэ | 6,75 | «Дорҕоонноох толорооччу» |
8 | Никитин ДамирС.С. Васильев- Борогонскай «Үөлэн Хардааччы» | Амма, Бөтүҥ | 9 саас | Иванова Софья Олеговна | 6,37 | «Дорҕоонноох толорооччу» |
9 | Иванова АйылаанаВ.М. Новиков – Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» | Амма, Бөтүҥ | 11 саас | Иванова Софья Олеговна | 5,41 | «Кэскиллээх толорооччу» |
10 | Фомина Алина Аландаайы Куландаайы бухатыыр.олонхоттон быьа тардыы, Екатерина Ивановна Иванова | Амма, Сэргэ-Бэс | 8 саас | Михайлова Анастасия Николаевна | 3,6 | «Уһун тыыннаах толорооччу» |
11 | Другин Теодор Дьулуруйар Ньургун Боотур | Амма, Сэргэ-Бэс | 9 саас | Михайлова Анастасия Николаевна | 3,6 | «Кэскиллээх толорооччу» |
БИИРДИИЛЭЭН толорууга ОСКУОЛА оҕолоругар 14-17 саастаахтарга
1 | Дьяконова Надежда У.Г.Нохсоороп «Дыырай Бэргэн» | Амма | 14 саас | Кириллина Анна Михайловна, Григорьева Виктория Георгиевна | 10 баал | КЫЛААН ЧЫПЧААЛ |
2 | Степанова ЛенаЮ.П. Борисов «Көмүскэс санаалалаах күн айыы киһитэ Кэскил Бухатыыр» | Амма, Бөтүҥ | 14 саас | Иванова Софья Олеговна | 10 баал | I ҮРДЭЛ |
3 | Слепцова СандаараТ.В. Захаров -Чээбий «Алаҥхаҕа төрөөбүт Айаас ала аттаах Ала Булкун Бухатыыр» | Амма, Бөтүҥ | 16 саас | Иванова Софья Олеговна | 9,75 баал | II ҮРДЭЛ |
4 | Васильев Сандал Ю.Борисов «Баабый Баатыр» | Амма | 15 саас | Харитонова Сахаяна Васильевна | 8,25 баал | III ҮРДЭЛ |
5 | Кристина СтепановаТ.В.Захаров -Чээбий»Алаҥхаҕа төрөөбүт айаас ала аттаах Ала Булкун | Амма, Эмис | 16 | МатренаИннокентьевнаВладимирова-Силигийээнэ | 7 | «Ийэ кылыһахтаах толорооччу» |
БӨЛӨҔҮНЭН толорууга ОСКУОЛА О5ОЛОРУН ортолоругар
1 | “Оллоон” улахан бөлөх 5-7 кылаастар В.М. Новиков – Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» | Амма, Бөтүҥ | Иванова С.О. | 24 баал | КЫЛААН ЧЫПЧААЛ |
2 | 3 кылаас оҕолоро 3 кылаасЕ.Иванова «Аландаайы Куландаайы бухатыыр» | Амма, Бөтүҥ | Иванова С.О.,Дьяконова М.К. | 23.25 баал | I ҮРДЭЛ |
3 | “Үрүйэчээн” 1-4 кылаасЮ.Борисов “Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр” | Амма, Өнньүөс | Мартынова Т.З. | 21баал | II ҮРДЭЛ |
4 | «Арылхан» 3 кылаасЮ.Борисов “Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр” | Амма, Болугур | Платонова Е.В. | 20 баал | III ҮРДЭЛ |
5 | “Оллоон” орто бөлөх 1 — 4 кылаастарЮ.П. Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» | Амма, Бөтүҥ | Иванова С.О. | 18,75 баал | «Сэргэх бөлөх» |
БИИРДИИЛЭЭН толорууга ЭДЭР ЫЧЧАТ 18-35 саастаахтарга
1 | Никифоров Виталий | Мэҥэ-Хаҥалас, Лоомтука | 20 | КЫЛААН ЧЫПЧААЛ |
2 | Егорова Мира | Амма, Бөтүҥ | 17 | I ҮРДЭЛ |
3 | Ефремов Александр | Амма, Бөтүҥ | 17 | II ҮРДЭЛ |
4 | Никифоров Егор | Амма, Бөтүҥ | 16 | III ҮРДЭЛ |
БИИРДИИЛЭЭН толорууга УЛАХАН ДЬОН 36 саастаахтарыттан үөһээ
1 | Кирилинна Анна | Амма | 19 | КЫЛААН ЧЫПЧААЛ |
2 | Порядина Мотрена | Амма, Абаҕа | 18 | I ҮРДЭЛ |
3 | Борисова Вера | Амма, Мээндиги | 15 | II ҮРДЭЛ |
4 | Михайлова Анастасия | Амма, Сэргэ-бэс | 12 | III ҮРДЭЛ |
«БАСТЫҤ САЛАЙААЧЧЫ» номинация кыайыылаахтара
Иванова Софья Олеговна | Бөтүҥнээҕи «Оллоон» оҕо көрдөрүүлээх фольклорнай бөлөх салайааччыта |
Жиркова Мария Афанасьевна | Бөтүҥнээҕи «Мичээр» уһуйаан «Эрэкэ-дьэрэкэ» фольклорнай бөлөх салайааччыта |