2024 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр, Бөтүҥҥэ улуу Кыайыы күнүн өрө күүрүүлээхтик бэлиэтэннэ.\
Күнүс 11 чаастан Аҕа дойду улуу сэриитигэр аналлаах үөрүүлээх чааска аҕа баһылык А.Н. Никитин, ытык кырдьаҕас А.В. Васильева, бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Т.П. Давыдова сэриигэ баран олохторун олук уурбут бэтэрээннэргэ махтал тылларын, бар дьонноругар эҕэрдэлэрин анаатылар. Бөтүҥ уус-уран самодеятельноһа кыттыылаах эҕэрдэ кэнсиэр көһүннэ. «Полевой кухня» үлэлээн кэлбит дьону итии хааһынан, сылаас чэйинэн күндүлээтилэр.
Киэһэтин Степан Левин аатынан норуот айымньытын киинигэр олохтоох суруйааччыбыт Уйбаан Бөтүүнүскэй «От саҕынньах» кэпсээнинэн Сахаяна Гурьева салайааччылаах «Төлөн» оҕо театральнай коллектива испиктээк көрдөрдө.
Испиктээк кэннэ сэрии сылыгар аналлаах «Умнуллубат 1941-1945 сыллар» уус-уран дьүһүйүү көрдөрдүлэр. Бу киэһэни ыаллыы сытар Абаҕа нэһилиэгиттэн «Түһүлгэ» үҥкүү бөлөҕө дууһаны долгутар, сүрэҕи тыытар үҥкүүнэн киэргэттэ.