Ыытыллар күнэ – дьыла: 2022 сыл, олунньу 10 күнүттэн олунньу 17 күнүгэр диэри видеоматериаллары тутуу;
Тэрийээччилэр: Амма улууһун, Бөтүҥнээҕи «С.Я Левин аатынан норуот айымньытын киинэ»;
Сыала – соруга:
- Норуот ырыатын төрүт үгэһин толорууну сөргүтүү, үйэтитии, утумнааһын;
- Саха фольклоругар истии эйгэтин үөскэтии, толоруу маастарыстыбатын үрдэтии;
- Эдэр ыччакка дьиҥ саха ырыатын билиһиннэрии.
Сыаналааһын үс бөлөҕүнэн ыытыллар:
— I бөлөх: 4-6 саастарыгар диэри;
— II бөлөх: 7- 17 саастарыгар диэри;
— III бөлөх: 18 — тан үөһээ саастах дьон.
Күөн – күрэс сүрүн ирдэбилэ:
- Күрэххэ саха фольклорунан дьарыгар уһуйаан иитиллээчилэрэ, оскуола оҕолоро, ыччат уонна саастаах дьон биирдиилээн кытталлар;
- Кытааччы сахалыы таҥаһа саба, толоруу маастарыстыбата учуоттанар;
- Түөлбэ ырыатын – тойугун толоруу биһирэнэр;
- Норуот ырыатын доҕуһуола көҥүл;
— Кыттыы төлөбүрэ уһуйаан уонна оскуола оҕолоругар 100 солк., ыччат уонна улахан дьонтон 150 солк;
— Сайаапканы (толору ааккыт, ханнык улуус, нэһилиэк, сааскытын, толорор ырыаҕыт аатын, төлөөбүккүт туһунан квитанцияҕытын) уонна видеоматериалы ватсап нөҥүө эбэтэр телеграм 89679133439 (Попова С.И.) нүөмэргэ ыытаҕыт.
Наҕараадалааһын:
— Хас биирдии кыттааччыга туоһу суруктар, күрэх түмүгүнэн I, II, III үктэл, үрдэл уонна анал ааттар иҥэриллиэхтэрэ. Бастыҥтан бастыҥҥа «Кылаан бириис» үрдүк аат туттарыллыаҕа.