Без рубрики

Ыам ыйын 9 күнэ — улуу Кыайыы күнэ!

2024 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр, Бөтүҥҥэ улуу Кыайыы күнүн өрө күүрүүлээхтик бэлиэтэннэ.\ Күнүс 11 чаастан Аҕа дойду улуу сэриитигэр аналлаах үөрүүлээх чааска аҕа баһылык А.Н. Никитин, ытык кырдьаҕас А.В. Васильева, бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Т.П. Давыдова сэриигэ баран олохторун олук уурбут бэтэрээннэргэ махтал тылларын, бар дьонноругар эҕэрдэлэрин анаатылар. Бөтүҥ уус-уран самодеятельноһа кыттыылаах эҕэрдэ кэнсиэр көһүннэ. …

Ыам ыйын 9 күнэ — улуу Кыайыы күнэ! Читать далее »

Бөтүҥҥэ СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Терентий Федорович Сутаков өрөгөйдөөх үбүлүөйүн бэлиэтиир 60 сааһын көрсөр «Тимир көлөнү баһылаан» нэһилиэкпит тырахтарыыстарын икки ардыларыгар күрэх дьоро түһүлгэтэ буолан ааста

Терентий Федорович Сутаков 1964 сыллаахха Бөтүҥ нэһилиэгэр элбэх оҕолоох ыалга Сутаковтарга, үһүс оҕонон төрөөбүтэ. Аҕата Федор Иванович тырахтарыыс, ийэтэ Марфа Григорьевна Уорай балыыһатыгар сиэстирэнэн, кэлин ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Терентий Федорович оскуола саҕаттан трактореведениеҕа үөрэнэн, сайынын окко кыраабкаһытынан үлэлээн, 1981 сыллаахха орто оскуоланы 3-с кылаастаах тырахтарыыс бырааптаах бүтэрбитэ. Ол кэннэ Алтаннааҕы СПТУ-га тырахтарыыс-суоппар идэтигэр үөрэммитэ. Аармыйаҕа сылдьан …

Бөтүҥҥэ СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Терентий Федорович Сутаков өрөгөйдөөх үбүлүөйүн бэлиэтиир 60 сааһын көрсөр «Тимир көлөнү баһылаан» нэһилиэкпит тырахтарыыстарын икки ардыларыгар күрэх дьоро түһүлгэтэ буолан ааста Читать далее »

Култуура эйгэтин үлэһиттэрин күнүнэн!

Айар-тутар талааннаах, култуура, олох-дьаһах сайдыытыгар сабыдыаллыыр, уруккуттан ордон хаалбыты харыстыыр уонна биллэрэр-иһитиннэрэр аналлаах кэрэ эйгэтигэр үлэлиир дьон идэлээх бырааһынньыктара кулун тутар 25 күнүгэр бэлиэтэнэр. Кинилэр биһиги ураты култуурабыт төрүт үгэһин оннунан хаалларарга бары күүстэрин, айар куттарын биэрэллэр. Бу күн култуура эйгэтигэр сыһыаннаах дьоҥҥо барыларыгар сыралаах, суолталаах үлэлэрин иһин махтанан туран баҕарыа этибит элбэх, саҥа айар …

Култуура эйгэтин үлэһиттэрин күнүнэн! Читать далее »

Олоҥхо ыһыаҕа буолара 100 күн хаалла

Алгыстаах Аммабытыгар Олоҥхо ыһыаҕа буолара 100 күн хаалбытын бэлиэтээн Амма улууһун нэһилиэктэригэр күргүөмнээх тээрээһиннэр буоллулар. Бөтүҥнээҕи С.Я. Левин аатынан норуот айымньытын киинигэр бу күн минньигэс алаадьылаах, кыынньа сылдьар кымыстаах ыалдьыттары көрсүүттэн саҕалаан, нэһилиэк уран тарбахтаах маастардарын үлэлэринэн «Олоҥхо эйгэтэ» быыстапката түһүлгэни киэргэттэ, олоҥхону оллооннон эрэ истэн, саха төрүт оонньууларыгар куоталаһан бу күнү бэртээхэйдик атаардыбыт.

Бөтүҥҥэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аммабытыгар олоҥхо дьиэрэйдин!» олоҥхону толорууга күөн-күрэс үрдүк таһымҥа ааста

2024 сыл олунньу 15 күнүгэр Бөтүҥҥэ Амма улууһугар олоҥхо сылыгар аналлаах, СӨ култууратын уонна СӨ үөрэҕэриитин туйгуна, Үлэ бэтэрээнэ, Бөтүҥ нэһилиэгин, “Оллоон” СӨ көрдөрүүлээх оҕо фольклорнай ансаамбылын салайааччыта — Анисия Даниловна Софронова аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аммабытыгар олоҥхо дьиэрэйдин!» олоҥхону толорууга күөн күрэс түһүлгэтэ буолан ааста. Бу күн уопсайа Аммабыт улууһун Амма, Бөтүҥ, Абаҕа, Соморсун, Эмис, Болугур, Өнньүөс, Мээндиги, …

Бөтүҥҥэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аммабытыгар олоҥхо дьиэрэйдин!» олоҥхону толорууга күөн-күрэс үрдүк таһымҥа ааста Читать далее »

Олунньу 15 күнэ — А.Д. Софронова төрөөбүт күнэ

Анисия Даниловна 1946 с.олунньу 15 кунугэр Амма улууьун Соморсуннэьилиэгэр Елена Андреевна Иванова, Данил Николаевич Софроновтарга 3о5олоохторуттан иккис о5онон кун сирин кербутэ. Оскуоланыситиьиилээхтик бутэрэн Дьокуускайдаа5ы культурнай-сырдатар училище5ауерэнэ киирэр. 1968 с. уерэ5ин бутэрэн, улэтин Бетуц кулуубугарсэбиэдиссэйинэн са5алыыр. Кэлин доруобуйата мелтеен 7 сыл сберкасса5а,17 сыл почта начаалынньыгынан улэлээбитэ. Ол эрээри кулууптан тэйбэтэ5э.Кунуску сыралаах улэтин кэнниттэн киэьэтин кулуупка суурэрэ. …

Олунньу 15 күнэ — А.Д. Софронова төрөөбүт күнэ Читать далее »

А.М. Васильева — сэбиэт Аана бүгүн төрөөбүт күнэ

Анна Михайловна Васильева Михаил Федорович уонна Мария Кузьминична Ивановтар дьиэ кэргэттэригэр кыыс оҕо күн сирин көрөр. Кинини таптаан Аанчык диэн сүрэхтииллэр. Бу үтүө майгылаах, күүстээх санаалаах кыыс, сырдык ыраас уулаах Амма кытылыгар күөлэһийэн үөскээбит буолан, төрөөбүт-үөскээбит дойдутун кэрэ айылҕатын, сахатын норуотун муҥура суох таптыыра. Кинини дьон-норуот ытыгылаан, убаастаан Анна Михайловна Иванова – Сэбиэт Аана диэн …

А.М. Васильева — сэбиэт Аана бүгүн төрөөбүт күнэ Читать далее »

Амгинцы защитили звание “Народный”

Амгинский улус Республики Саха (Якутия) славится не только своей великолепной природой, но знаменит народными самодеятельными творческими коллективами. В первой декаде уходящего месяца коллективы: мужской вокальный ансамбль «Иэйии», женский вокальный ансамбль «Дьүрүһүй», танцевальный коллектив «Махтал» и Амгинский театр им. М.П.Лугиновой с успехом прошли творческое испытание на подтверждение звания «народный». Мужской вокальный ансамбль «Иэйии», руководитель-хормейстер Лобанова Анна …

Амгинцы защитили звание “Народный” Читать далее »

Бөтүҥҥэ «Ланд-Будапешт» саҥардыллыбыт локомобиль макетын үөрүүлээх арыллыыта буолла

Бүгүн, ахсынньы 12-гэр, Арассыыйа конституцията ылыллыбыт күнүгэр, Бөтүҥ олохтоохторугар историческай нэһилиэстибэни сырдатар үтүө күн буолан ааста. Ол курдук, Михаил Тимофеевич Нестеров салалтатынан, 1945 сыл муус устарыгар Бөтүҥ нэһилиэгэр Ильич лаампаларын сырдык уота холкуос хотонугар, олорор дьиэлэргэ үйэ-саас сандаарбытын туоһулуур, «Ланд-Будапешт» диэн уу паарынан барар Венгерскэй оһох (Локомобиль) саҥардыллыбыт макетын дьон-норуот ортотугар арылынна. Михаил Тимофеевич Нестеров …

Бөтүҥҥэ «Ланд-Будапешт» саҥардыллыбыт локомобиль макетын үөрүүлээх арыллыыта буолла Читать далее »

Прокрутить вверх