Без рубрики

«Ньукуолун» сүүйүүлээх улахан сахалыы ырыа түhүлгэтэ

Амма улууhун дьоhун мааны дьоно-сэргэтэ ыам ыйын 26 күнүгэр, «Амма-Олимп»стадиоҥҥа, киэhэ 19:00 чаастан Саха Сиригэр сайыны уруйдуу 3 төгүлүн ыытыллар «Ньукуолун» сүүйүүлээх улахан сахалыы ырыа түhүлгэтигэр ыҥырабыт.⁣Киэhэни киэргэтиэхтэрэ Сахабыт сирин чаҕылхай сулустара уонна Амма талааннаах ыччаттара.⁣ Киирбит үп-харчы Соморсун уонна Алтан нэhилиэктэригэр култуура кииннэрин тутуутугар барыаҕа. ⁣Билиэттэри, +7 (924) 177-57-16, +7 (924) 765-76-27, +7 (967) …

«Ньукуолун» сүүйүүлээх улахан сахалыы ырыа түhүлгэтэ Читать далее »

Кырыымпа кэрэ алыбар

Бүгүн Бөтүҥ нэһилиэгэр «Ситим» фольклорнай ансаамбылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Василий Алексеевич Неустроев кэлэн Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтин чэрчитинэн Аммалыы оһуохайы таһаарарга кырыымпаҕа маастар кылаас ыытта. Бу маастар кылааска «Ситим» фольклорнай бөлөх кыттааччыларын ураты биирдиилээн интэриэстээх дьон кэлэн дьарыктаннылар, билиилэрин хаҥаттылар.

«Ойор күннээх оҕо саас» «Мичээр» уһуйаан иитиллээччилэрин отчуоттуур кэнсиэрдэрэ

Үөрэх дьылын түмүктүүр тэрээһиннэртэн саамай күүтүүлээх, долгутуулаах, оҕоттон ытык кырдьаҕастарга тиийэ бары кэтэһэр тэрээһиммит — оҕо уһуйаанын кэнсиэрэ буолар. Бүгүн ыам ыйын 19 күнүгэр Аан дойдутааҕы ырыа күнүн көрсө «Мичээр» оҕо уһуйаанын сыллааҕы үлэтин отчуоттуур «Ойор күннээх оҕо саас» кэнсиэрэ буолан ааста.Бары иитиллээччилэр кыттыылаах, уһуйаан үлэтин хайысхатынан баай ис хоһоонноох кэнсиэр буолла. Саха омугун төрүт …

«Ойор күннээх оҕо саас» «Мичээр» уһуйаан иитиллээччилэрин отчуоттуур кэнсиэрдэрэ Читать далее »

Ыам ыйын 16 күнүгэр олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн Бөтүҥ нэһилиэгин тэрилтэлэрэ мин.полоса5а субуотунньукка таҕыстылар. Швырок эрбээтилэр, саһаан туруордулар, мин.полосаттан мутук ыраастаатылар.

Бөтүҥҥэ дьиэ кэргэн күнүн сэргэхтик атаардылар

Н.Е.Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолата уонна нэһилиэк дьахталларын Сэбиэтин тэрийиилэринэн Аан Дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүгэр Ийэ скверигэр бэртээхэй тэрээһин буолан ааста. Кэлбит дьон чемодан иһигэр музейы сэргии көрдүлэр. Сэргэх тэрээһини оскуола бибилэтиэкэрэ Василина Борисова, социальнай педагога Саргылаана Мартынова уонна дьахтар Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Татьяна Сутакова тэрийэн ыыттылар. Ол курдук 6 секциянан квест-аралдьытыы ыытылынна. Бу күн барыта күрэххэ …

Бөтүҥҥэ дьиэ кэргэн күнүн сэргэхтик атаардылар Читать далее »

Амма улууһун култуураҕа уонна норуот айымньытын салалтатаЫам ыйын  күнүгэр, Саха сиригэр сайыны уруйдуу“Амма-Олимп” стадиоңңа  төгүлүн ыытыллар“НЬУКУОЛУН” улахан ырыа түһүлгэтигэр ыңырабыт!Мустуу  чСа5аланыыта ч Программаҕа:1. “Сайыны көрсө Алгыстаах аартыкпыт аһылыннын» сиэр ситэриитэ, туом толоруута!2. Саха сирин ча5ылхай сулустара уонна Амма улууhун талааннарын ырыа түһүлгэтэ!Ыалдьыттар:Виталий ОчировИрена ФайрушинаFLOWСветаСлаваКосиор КармановJeada уонна Adiray Re! Киэһэни иилээн саҕалаан ыытыаҕа Николай Нестерев! Киирии билиэтинэн …

Читать далее »

Дьиэ кэргэн күнүнэн!

Бүгүн Аан Дойдуга — Дьиэ кэргэн күнэ. Ыал, дьиэ кэргэн буолуу — айылҕа уһулуччулаах, кэрэттэн кэрэ уонна сиэрин-туомун толору сиппит үчүгэйтэн үчүгэй айымньыта. Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүн ХНТ (ООН) Генеральнай ассамблеята 1993 сыллаахха араас дойдуга уопсастыбаннаһы дьиэ кэргэн болҕомтотугар туһаайар сыаллаах-соруктаах олохтообута. Киһи сайдыыта, киһи буолан тахсыыта дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Киһи-аймах сыаннастара, култуурата, көлүөнэлэр …

Дьиэ кэргэн күнүнэн! Читать далее »

«По следам «Пушкинской карты»

Сегодня 15 мая 2023 года работники МБУ «Центра народного творчества им. С.Я. Левина» провели для школьников 7-11 класса МБОУ «Бетюнской СОШ им. Н.Е. Иванова» информационно-познавательную игру «По следам «Пушкинской карты». На игре школьники узнали программу «Пушкинской карты», как оформить карту через Госуслуги или Почта-банк, составили список мероприятий. на которые хотели бы попасть по «Пушкинской карте». …

«По следам «Пушкинской карты» Читать далее »

«Сэрии ыар кырдьыга» Ыам ыйын 9 күнэ дойдубут хас биирдии олохтооҕор ураты суолталаах, дириҥ өйдөбүллээх. Бөтүҥмүт сиригэр 2023 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр бу Улуу күнү 78 төгүлүн көрсө эрдэттэн былааннанан, бэлэмнэнэн, тэринэн көрүстүбүт. Сарсыарда Албан аат болуоссатыгар Кыайыы күнүгэр анаммыт үөрүүлээх чаас ыытылынна. Манна Степан Яковлевич Левин аатынан Бөтүҥнээҕи норуот айымньытын киинэ бэлэмнээбит бырааһынньыктааҕы …

Читать далее »

Үйэ-саас тухары — Албан Аат!

Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыыны уһансыбыт кырдьаҕас көлүөнэ дьоҥҥо сэрии алдьархай сыллара сүрэхтэригэр ыар баттык, ааспат, арахпат сырҕан таас буолан умнуллубат. Уоттаах кыргыһыыларга, хаан тохтуулаах киирсиилэргэ биһиги биир дойдулаахтарбыт хорсуннук сэриилэспиттэрэ, Ийэ сири өстөөхтөн босхолуур туһугар сырдык тыыннарын толук биэрбиттэрэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин тыйыс тыына, алдьархайдаах иэдээнэ уонна ыар сыллара таарыйбатах саха ыала диэн …

Үйэ-саас тухары — Албан Аат! Читать далее »

Прокрутить вверх