Үлэ көҕө диэн бу улуу күүс!
Саха киһитэ, биллэрин курдук, былыр былыргаттан маҥнайгы сааскы күннэртэн үлэтин үгэнэ саҕаланар. Омукпут үгэһин тутуһан ыам ыйын 6 күнүгэр Бөтүҥ нэһилиэгин Моттохой алааһыгар мас үлэтэ күөстүү оргуйда. ”Бөтүҥ” ТХПК уонна олохтоох дьаһалта быйыл сиэрдийэ бэлэмнээһинигэр анаммыт «Үлэ күүһэ» күрэҕи төрдүс төгүлүн тэрийэн ыыттылар. Бу күрэх нэһилиэк тэрилтэлэрин уонна түөлбэлэрин икки ардыгар ыытыллар «Сайдыс — 2023» …