Улуустааҕы Ийэм сылаас таптала саха сирин ийэлэрин күнүгэр аналлаах ырыа күөн-күрэһин түмүгэ:
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан:
1 Миэстэ — «Сиибиктэ» ырыа ансаамбыла (Өнньүөс нэһилиэгэ);
2 Миэстэ — Туйгууна, Нина Куо Лобановалар (Бөтүҥ нэһилиэгэ);
3 Миэстэ — Нелли Степанова (Сулҕаччы нэһилиэгэ);
Инстаграм ситиминэн саамай элбэх куолаһы хомуйан «Көрөөччү биһирэбилэ» анал ааты ыллылар — Александра кыыһынаан Мира Егоровалар (Бөтүҥ нэһилиэгэ);
?»Кэскиллээх толорооччу» анал аат — Мариела Жиркова (Бөтүҥ нэһилиэгэ);
?»Талааннаах дьиэ кэргэн» анал аат — Даниэль, Юлиан Матвеевтар.
Грамоталаргытын уонна бириистэргитин Бөтүҥ нэһилиэгин «С.Я.Левин аатынан норуот айымньытын кииниттэн» кэлэн ылаҕыт. Кыттааччыларга «Туоһу суруктар» туттарыллыахтара.
Өссө да маннык көхтөөхтүк кытта туруҥ мэлдьи ыллыы-туойа сылдьыҥ. Чэгиэн-чэбдик доруобай буолуҥ!