«Талааналар» Тааттаҕа

Кулун тутар 31 күнүгэр «Талаана» үһүс көлүөнэ түмсүү Таатта улууһугар Баайаҕа нэһилиэгин «Айылҕаана» а5ам саастаахтар түмсүүлэрин балаҕаныгар уопут атыстаһан, маастар кылааска сылдьан саҥаны билэн — көрөн кэллилэр. «Талааналар» иистэнэр баҕалаах буоланнар эһиилги Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэр сыалтан арааһы иистэнэр, киэҥ сайдыылаах, сахалыы көрүүлээх элэккэй үөрүнньэҥ далбар хотуттары кытары атах тэпсэ олорон чэйдээн, кэпсэтэн, санаа атастаһан бириэмэлэрин астына атаардылар. Айаннарын аҥарын олохтоох администрация уйунна. Алексей Николаевичка, Тамара Прокопьевнаҕа «Талаана» үһүс көлүөнэ түмсүү кыттыылаахтара дириҥ махталларын тиэрдэллэр.

Оставьте комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Прокрутить вверх