30 ноября День хомуса

https://www.instagram.com/p/CINVKx-M66K/?utm_source=ig_web_copy_link

???Бүгүн биһиги Өрөспүүбүлүкэбитигэрсэтинньи 30 күнэ – ХОМУС күнүн билиэтиибит.???
ХОМУС биhиги норуоппут культуратын, музыкальнай искусствотын национальнай үгэһин чуор куолаhа, үгүс үйэлэри нөҥүөлээн кэлбит дьикти инструмент буолар. Бу көрүҥүнэн дьоҕус инструмент эрээри, киhини сөхтөрөр абылаҥнаах, нарын – истиҥ иэйиилээх.
?Саха омук маанылаах инструменын — ХОМУҺУ – саха уустара охсон, таптайан, аалан таhаараллар. Былыргы уустар хомуhу олус мындырдаан, өйдөрүн-санааларын ууран оҥорбуттар. Күн бүгүҥҥэ диэри хомус тыаhа саха омук олорон ааспыт олоҕун, санаабыт санаатын, тобулбут толкуйун көрдөрөр кыахтаах. Норуот талааннаахтара, уран тарбахтаахтара үйэ-саас тухары айбыт, чочуйан оҥорбут хомустара ыччаты кэрэҕэ, үчүгэйгэ уhуйууга суолталара кэҥээн, дириҥээн иhэллэр. Саха сирин мындыр өйдөөх, талааннаах тарбахтаах уустарын этигэн хомустара Аан дойдуга киэҥник билиннэ, тарҕанна.?
?Бу мантан көстөр саха кыра хомуhа бүтүн саха норуотун түмэр күүһэ. Биьиги өбүгэлэрбит хаалларбыт бэлэхтэрин, кыракый хомуhу илдьэ сырыттахпытына үйэлэртэн-үйэлэргэ биhиги культурабыт эстиэ-быстыа суоҕа. Кэхтибэт кэскиллээх кэнчээри ыччаппыт омуктарын аатын аар саарга аатырда турдуннар! Саҥа саҕахтар арыллан биэрдиннэр!
Этигэн хомус эйээрдин, хомуhуннаах хомус дуорайдын!??????

Оставьте комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Прокрутить вверх