Быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр сэтинньи 25 күнүттэн – Олоҥхо күнүттэн саҕалаан ахсынньы 5 күнүгэр диэри 12-с төгүлүн Олоҥхо Декадата саҕаланна.
2006 сыллаахха сэтинньи 15 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин 3036 № ыйааҕынан сэтинньи 25 күнүн Олоҥхо күнүнэн биллэрбитэ. Олоҥхо — норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала. Киһи олоҥхону аахтаҕына кэрэтик саҥарарга, олоҥхо тылын өйдөөтөҕүнэ, мындырдаан толкуйдуурга, ис хоһоонун биллэҕинэ, сөптөөхтүк дьаһанан олорорго үөрэнэр. Онон, бу улуу айымньы киһиэхэ бары өттүнэн үчүгэйи оҥорор. 2005 сыллаахха ЮНЕСКО олоҥхону киһи- аймах чулуу айымньытынан билиммитэ. Онон, саха олоҥхото аартык аайы аата ааттанар, тоҕой аайы сураҕа иһиллэр буолбута.
Ол курдук Сахабыт сиригэр Олоҥхо декадата саҕаламмытынан бар дьоммутун иэйэн-куойан туран эҕэрдэлиибит!