Олунньу 23 күнүгэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэрин күнэ бэрт сэргэхтик ааста. Күнүскү өттүгэр пятиборьеҕа түөлбэлэринэн күрэх буолла. Киэһэтин тэрилтэлэр икки ардыларыгар «Бастыҥ аҕа — 2022» диэн күөн-күрэс олус сэргэхтик ыытылынна. Бу күрэскэ Дмитрий Моисеевич Татаринов Кылаан кыайыыны ылары ситиһэн, 2022 сылга «Бастыҥ аҕа» аатын сүкпүтүнэн истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит!