Талааннаах киһи — барытыгар дэгиттэр» дииллэрэ омуна суох. Өр сылларга Бөтүҥ кулуубун салайан директорынан таһаарылаахтык үлэлээбит Степан Яковлевич Левин быйыл 80 сылын бэлиэтээтибит.
Кини ырыаһыт, олоҥхоһут, тойуксут, артыыс, режиссер, уруһуйдьут, салайааччы быһыытынан дьоҥҥо киэҥник биллэн умнуллубат суолу-ииһи хааллардаҕа. 2000 сыллаахха Степан Яковлевич Левин сыралаах, таhаарыылаах, эҥкилэ суох сэмэй үлэтэ сыаналанан, «Саха Республикатын культуратын туйгуна» үрдүк аат иҥэриллибитэ. 2017 сыллаахтан Бөтүҥнээҕи норуот айымньытын киинэ кини аатын чиэстэээхтик сүгэн, нэһилиэк, улуус чиэһин дьоһуннаахтык көмүскүүр.
Степан Яковлевич Левин аата үйэлэртэн үйэлэргэ өссө да ааттана туруо, кини үлэлээбит үлэтэ, айар талаана кэлэр ыччакка үтүө холобур буола туруо диэн сыаллаах «Дьулуур» республикатааҕы аһаҕас испиктээх күрэҕин тэрийдибит.
Манна уопсайа 9 улуустан 18 үлэ киирдэ (7 норуодунай, 11 самодеятельнай) театральнай коллектив кытынна.
«Дьулуур» республикатааҕы аһаҕас испиктээх күрэҕин дьүүллүүр сүбэтигэр үлэлээтилэр:
Алексей Константинович Захаров – Республикатааҕы норуот айымньытын дьиэтин норуодунай айымньы отделын салайааччыта, СӨ народнай театрдарын куратора;
Саргылана Саввична Адамова – СӨ геокультурнай сайдыы институтун режиссера, РФ театральнай деятеллэрин союһун чилиэнэ, СӨ театральнай деятеллэрин союһун бырабылыанньатын чилиэнэ, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ;
Марина Валерьевна Корнилова – Үүнэр көлүөнэ театрын артыыската, РФ театральнай деятеллэрин союһун чилиэнэ, СӨ үтүөлээх артыыската.
С.Я. Левин аатынан «ДЬУЛУУР» куйаар ситиминэн ыытыллыбыт
республикатааҕы аһаҕас испиктээх күрэҕин кыайыылаахтара
НОМИНАЦИЯЛАР
«Лучший костюмированный спектакль» (бириис – «Кыыс Амма» статуэтка) — «Ньургун Боотур» 5 оонньуулаах музыкальнай драма, Толстяков аатынан Чөркөөхтөөҕү народнай театр, Таатта улууһа, реж. Матрена Яковлева —
«Лучшее световое и музыкальное оформление» (бириис – «Кыыс Амма» статуэтка) — «Хаарыан сибэкки» драма, «Чыамайыкы нэһилиэгэ» театральнай коллектив, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа, реж. Александра Васильева
«Лучшая мужская роль» (бириис – «Байанай» статуэтка) — Александр Дьячковский, «Саллаат дьылҕата» испиктээккэ «Ньукулай» оруолун толорооччу, Абаҕа норуодунай театра, Амма улууһа, реж. Евгенья Попова
«Лучшая женская роль» (бириис – «Хомусчут кыыс» статуэтка) — Мария Тихонова, «Хаһан да оспот баас» испиктээккэ «Лебедева Варвара» оруолун толорооччу, «Күндү күлүүктэр» мини-театр, Сунтаар улууһа, реж. Василий Васильев
«Лучшая мужская роль второго плана» (бириис – «Байанай» статуэтка) — Гаврил Кычкин, «Ревизор» комедияҕа «Городничай» оруолун толорооччу, Б. Ойуунускай аатынан Таатта народнай театра, реж. Валентина Бурнашева
«Лучшая женская роль второго плана» (бириис – «Хомусчут кыыс» статуэтка) — Акулина Аммосова, «Сэрии тулаайаҕа» драма
«Борускуо» оруолун толорооччу, «Хоросо» көр-күлүү театра, Үөһээ-Бүлүү улууһа, реж. Иван Касьянов, Тамара Семенова
«За преданность якутской классике» (бириис – «Бөҕөс» статуэтка) — «Оҕоҕо баҕарбыт» комедия,
Иванова аатынан Ороһу народнай театра, Үөһээ-Бүлүү улууһа, реж. Сайыына Васильева
«Лучший актерский ансамбль» (бириис – «Амга-Слобода» статуэтка) – «На любовном фронте» испиктээк,
«Эврика» театральнай коллектив, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа
реж. Мария Владимирова
«Дебют» (бириис – «Лөглү бөҕө» статуэтка) – «Эрийэ-буруйа» Мини-театра, Томпо улууһа, реж. Семен Черкашин
«Надежда» (бириис – «Лөглү бөҕө» статуэтка) – Саян Касьянов,«Хоросо» көр-күлүү театра, Үөһээ-Бүлүү улууһа
Самодеятельнай театрдар түмүктэрэ:
ЛАУРЕАТ III СТЕПЕНИ (бириэмийэ – 5 000 т.с.) – «Сэрии сылын оҕолоро» драма, «Дьулуур» театральнай коллектив, Амма улууһа, реж. Татьяна Христофорова
ЛАУРЕАТ II СТЕПЕНИ (бириэмийэ – 8 000 т.с.) – «Чуумпу Бүлүү» драма«Эйгэ» театральнай коллектива, Амма улууһа, реж. Марианна Ефимова
ЛАУРЕАТ I СТЕПЕНИ (бириэмийэ – 10 000 т.с.) – «Хаарыан сибэкки» драма, «Чыамайыкы нэһилиэгэ» театральнай коллектив, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа, реж. Александра Васильева
Народнай театрдар түмүктэрэ:
ЛАУРЕАТ III СТЕПЕНИ (бириэмийэ – 5 000 т.с.) – «Сорук-борукка» испиктээк, Николаева аатынан народный театр, Сунтаар улууһа, реж.Юрий Очосов
ЛАУРЕАТ II СТЕПЕНИ (бириэмийэ – 8 000 т.с.) – «Хомус уонна күөрэгэй» драма, Гоголев-Кындыл аатынан народнай театра, Бүлүү улууһа, реж. Маргарита Соколова
ЛАУРЕАТ I СТЕПЕНИ (бириэмийэ – 10 000 т.с.) – «Ревизор» комедия Б. Ойуунускай аатынан Таатта народнай театра, реж. Валентина Бурнашева
ГРАН-ПРИ (бириэмийэ – С. Левин оҕолоро туруорбут 30 000 т.с.) – «Саллаат дьылҕата» испиктээк, Абаҕа норуодунай театра, Амма улууһа, реж. Евгенья Попова
Степан Левин аатынан «Дьулуур» Республикатааҕы аһаҕас испиктээк күрэх кыттыылаахтарыгар махтанабыт, кыайыылаахтарыгар эҕэрдэ бастыҥын аныыбыт.
С.Я. Левин оҕолоро күрэх ыытыллыытыгар төһүү күүс буоллулар, ол курдук кыра уол, скульптор, сатабыллаах Владимир Левин 10 номинацияҕа бэйэтэ оҥорбут статуэткаларын бэлэх уунна, ону тэҥэ оҕолор кыттыһан күрэх Гран-при хаһаайыныгар 30 000 тыһыынча солкуобай уу харчыны туттардылар. Күүс-көмө, өйөбүл-тирэх буолбут дьоммутугар истиҥ махталбытын биллэрэбит!
Бу күрэх традиция быһыытынан олохтонон, 2 сыл тохтобуллаах ыытыллыа диэн биллэрэбит. Бука барыгытыгар өссө үрдүк ситиһиилэри, дьоллоох олоҕу баҕарабыт!