Өрөспүүбүлүкэбит Сүүс сыллаах үбүлүөйүнэн!

1922 сыл муус устар 27 күнүгэр ылыллыбыт Саха автономията, оччотооҕу Саха уобалаһа өрөспөөбүлүкэ быһыытынан статустаммыта. Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин (Саха АССР) төрүттээбит саха чулуу дьоно Максим Кирович Аммосов, Платон Алексеевич Ойуунускай, Исидор Никифорович Барахов, Василий Васильевич Никифоров‒Күлүмнүүр сыралаах үлэлэрин, күүстээх туруорсууларын түмүгэр Саха Автономията баар буолбута. Саха омук өйө‒санаата, тыла‒өһө, култуурата, судаарыстыбаннай тирэхтэрэ барыта бу 1922 сыллаахха улахан хамсааһын быһыытынан үөскээбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ бүгүҥҥү күҥҥэ хас биирдиибитигэр сүҥкэн улахан суолталаах.

Сахабыт сирин бары олохтоохторо, биһиги Өрөспүүбүлүкэбит, биир үйэ устата омукпут кутун-сүрүн көтөҕүүгэ, дьоҕурун-талаанын сайыннарыыга, өбүгэлэрбит олорон ааспыт олохторун, үтүө үгэстэрин кэлэр кэми кытта ситимнээн кэлбитин, Улуу убайбыт Өксөкүлээх Өлөксөй 77 дьиибэ дьибилгэттэрин ийэ куппутугар иҥэрэн, 88 араас албастарын салгын куппутугар алыптаан, 99 кудай кубулҕаттарын буор куппутугар бурҕатытан, Улуу убайбат Ойуунускай «Өлөрү өй кыайар» диэн тылларынан идеология оҥостон инники кэскили саргылаһан, сайдар аартыгы арыйсан айа-тута, үлэлии-хамсыы олоруоҕуҥ!

Бөтүҥ орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Светлана Алексеевна Неустроева Саха АССР 100 сылыгар аналлаах суруйбут хоһооно.

Автономия олохтоммута,
Өрөспүүбүлүкэ үөскээбитэ,
Саха сирэ төрүттэммитэ,
Сайдыы суолун тутуспута
Сүүс сыллаах үбүлүөҋүн
Өрөгөйдөөх күнүн
Үөрэ-көтө көрсүөҕүҥ,
Уруй-айхал этиэҕиҥ!
Сахабыт сирэ барахсан
Сайдан, чэлгийэн иһиэхтин!
Үйэлэри уҥуордаан
Үүнэ-үрдүү туруохтун!
Автономия көҥүлүн
Аҕалбыт үтүө дьонун
Ахтан-санаан ааһыаҕыҥ,
Айхал тылын аныаҕыҥ!
Сахам сирин бар дьонун
Сатабылын саргылыаҕыҥ,
Дьоһун олоҕу тутуһан
Дьоллоохтук олоруоҕуҥ!

Оставьте комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Прокрутить вверх