Н.Е.Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолата уонна нэһилиэк дьахталларын Сэбиэтин тэрийиилэринэн Аан Дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүгэр Ийэ скверигэр бэртээхэй тэрээһин буолан ааста. Кэлбит дьон чемодан иһигэр музейы сэргии көрдүлэр.
Сэргэх тэрээһини оскуола бибилэтиэкэрэ Василина Борисова, социальнай педагога Саргылаана Мартынова уонна дьахтар Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Татьяна Сутакова тэрийэн ыыттылар. Ол курдук 6 секциянан квест-аралдьытыы ыытылынна. Бу күн барыта күрэххэ алта кылаастан ийэ оҕотунаан кыттан илин-кэлин түһүстүлэр, араас нэһилиэк уонна Амма улууһун историятын туһунан ыйытыыларга хоруйдаатылар, Бөтүҥ нэһилиэгин картатын, Амма улууһун уонна Бөтүҥ нэһилиэгин гербэтин (пазл оҥорон ис хоһоонун кэпсээтилэр), спортивнай күрэххэ бэйэлэрин күүстэрин холонон көрдүлэр. 1-кы кылаастан Санаайа уонна ийэтэ Надежда Гурьевалар, 2 кылаастан Коля уонна ийэтэ Анжелика Никитиннэр, 3-с «б» кылаастан Эльвира уонна ийэтэ Ирина Романовалар, 4-с кылаастан Катя Дьячковская уонна ийэтэ Анастасия Нестерова, 5-с кылаастан Сандал уонна ийэтэ Сардана Слободчиковтар, 10-с кылаастан Артур Егоров уонна ийэтэ Вера Жиркова. Квест-аралдьытыыны араас хайысхалаах станцияларынан оскуола учууталлара ыыттылар. Ол курдук Василина Борисова «География», Кюнняй Чирикова «Спортивнай», Вилена Мартынова «Айылга», Егор Никифоров «Ытык памятниктар», Дмитрий Осипов «История», Сандал Степанов «Биллиилээх дьон». Түмүккэ, 1-кы миэстэни Слободчиковтар, 2-с миэстэни Егоровтар, оттон 3-с миэстэни Дьячковскайдар ылан үөрүүлэрэ үксээтэ. Кыайыылаах дьиэ кэргэттэр бары Добун суруктарынан бэлиэтэннилэр. Оттон актыыбынайдык кыттыбыт Гурьевтар, Романовтар уонна Никитиннэр дьиэ кэргэттэрэ Махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр.
Дьиэ кэргэттэргэ остуоруйаны ааҕыы күрэҕэр 1-кы миэстэни Егоровтар, 2-с миэстэни Никитиннар, 3-с миэстэни Романовтар ылан үөрдүлэр-көттүлэр, Махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр.Бу үөрүүлээх күн нэһилиэк дьиэ кэргэттэрин кыттыылаах бэртээхэй «Музей в чемодане» тэрээһин буолла. Манна кыттыыны нэһилиэк актыыбынай ийэлэрэ, аҕата: Елена уонна Степан Нестеровтар, Галина Яковлева, Серафима Яковлева, Анастасия Нестерова, Наталья Новикова ыллылар. Ол курдук, Елена уонна Степан Нестеровтар дьиэ кэргэттэрэ бэйэлэрин мини-музейдарыгар араас урукку туһалаах муспут сээкэйдэрэ, холобура былыргы хаалаах фотоаппарат, мясорубка, 80-с сыллар оонньуурдара көрөөччү биһирэбилин ыллылар.
Элбэх оҕо ийэтэ Галина Яковлева эһэлэрин, Бөтүҥ нэһилиэгэр өр сылларга баһылыгынан уонна парткомунан үлэлээбит Василий Федорович Яковлев сурунар блокнотун, мэтээллэрин, Чапаев уонна Ленин бюстарын, фотоаппаратын, хары чаһытын, хаалтыһын, туттубут одеколонун, ону тэҥэ ийэтэ өр сылларга Амматааҕы мясомолпром комбинатыгар маастар-лаборанынан үлэлээбит Клавдия Ивановна Иванова туттубут олус күндү малларын, холобура, таас статуэтка, рошелье технологиянан оҥоһуллубут шторалар, записной блокноттара
уо.д.а. көрөөччү сэҥээриитин ыллылар.
Оттон элбэх оҕо ийэтэ Анастасия Нестерова урукку илиинэн суруллубут песеннигы, былыргы пластинкалары, араас сериялаах открыткалары, сахар угар тимир иһитин, цинковай бидону, кофемолканы, урукку значоктары, тирии таҥастыыр кыһыаҕы, музейдар хартыыналарын, былыргы остуоруйалар кинигэлэрин аҕалан көрдөрбүтэ олус үөрүүлээх. Элбэх оҕо ийэтэ Серафима Яковлева эһэтин балтын норуот маастара Анна Прокопьевна Скрябина туттубут самоварын, подноһун, араас тыастаах колокольчиктарын, сыл символларын, глобуһу, араас сувенирдары, 3 омук тылынан тахсыбыт альбомун, хомус быһыылаах иннэ анньарын, кошелегун уо.д.а. көрдөрөн көрөөччү сэҥээриитин ылла.
Оттон эдэр ийэ Наталья Новикова соҕуруу араас дойдуларга сылдьан араас сувенирдары, муора дьэҥкир таастарын, ракушкаларын, хаартыскаларын, открыткалары аҕалбытын киэҥ эйгэҕэ таһаарда.
Бары кыттыбыт дьиэ кэргэттэр Махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр.
Элбэх оҕолоох ийэ Майя Сергеева торт араас көрүҥүн астаан аҕалан көрдөрдө.
Саргылана Мартынова-Аналлаана