Амма улууһун «Алгыстаах аат айхалланнын, ытык аат уруйданнын» Үрүҥ Тунах ыһыаҕа

Бэс ыйын 21 күнэ — саха дьоно кыһыны этэҥҥэ туораан, айылҕалыын алтыһар, самаан сайыны көрсөр, айыыларга сүгүрүйэр, уйгуну-быйаҥы түстүүр бэлиэ күннэрэ. Ыһыах – саха омук үйэлээх үгэһэ, бараммат баайа, омук быһыытынан уратыта. Саха норуотун төрүт култууратын, историятын уонна духуобунаһын чөл хаалларыы, утумнааһын чаҕылхай туоһута буолар.

Бэс ыйын 20-21 күннэригэр Амма улууһун бастакы кулубата Афанасий Петрович Рязанскай төрөөбүтэ 150 сылыгар анаммыт Амма улууһун Үрүҥ Тунах ыһыаҕа өрө көтөҕүллүүлээхтик буолан ааста.

Чапчылҕан нэһилиэгэр бэс ыйын 20 күнүгэр киэһэ 20:00 чаастан сүүстэн тахса сыллааҕыта симэлийбит төрүт дьарыгы тилиннэрэн Амма улууһун тимир уустара Амма кытылын болгуотуттан тимири уһаардылар.

Бэс ыйын 21 күнүгэр Эллэй эһэбит алгыс тылы амалыйан, уйгубутун уһаппытын, төннүбэт төлкөбүтүн түстээбитин үйэтитээри, ас кэбиспит сиэрин ситэрэн, туомун тутуһан ыһыах түһүлгэтигэр Амма улууһун дьоно-сэргэтэ тоҕуоруһа муһунна.

Бөтүҥ нэһилиэгэ бары тэрээһиҥҥэ көхтөөхтук кытынна. Ол курдук, «Дьөһөгөй оҕотун сиэдэрэй симэҕэ» күрэххэ Варвара Александровна Соловьева тикпит чаппарааҕа уонна Анисия Даниловна Софронова тикпит лэпсэтэ уонна бэрэмэдэйэ 2 миэстэ буолан Бөтүҥ нэһилиэгэ 30 тыһыынчалаах сертификатынан наҕараадаланна.

«Оһуордаах оһуохай — барыбыт түмсүүтэ» улуустааҕы оһуохай күрэҕэр Дайаана Егорова — 1 миэстэ, Егор Никифоров — 3 миэстэ буолан Бөтүҥ нэһилиэгэр саха төрүт фольклора өрө тутуллан сайда турарын өссө төгүл туоһулаатылар.

Быйылгы ыһыах уратытынан улуус нэһилиэгин Аҕа баһылыктара «Олоҥхо түһүлгэтигэр» мустан Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхотун толорбуттара буолла. Онно биһиги нэһилиэк Аҕа баһылыга Алексей Николаевич Никитин көхтөөх кыттыыны ылла.

«Төрөөбүт дойдум — киэн туттуум» нэһилиэктэр түһүлгэлэрин көрүү күрэҕэ Амма улууһун бастакы кулубата Афанасий Петрович Рязанскай төрөөбүтэ 150 сылыгар анаммыт Амма улууһугар историческай нэһилиэстибэ уонна дойдуга бэриниилээх сылыгар уонна нэһилиэк олоҕун – дьаһаҕын, туруу үлэһит дьонугар ананна.

Ону тэҥэ бу үөрүүлээх түгэҥҥэ тарбаҕар талааннаах Н.Е.Иванов аатынан Бѳтүң орто оскуолатыгар үлэлиир Дмитрий Татаринов сэттэ ини бии Бөрө Бөтүҥнэри холустаҕа түһэрбит хартыыната сүрэхтэннэ. 2023 с. Амма улууһугар историческай нэһилиэстибэ уонна дойдуга бэриниилээх буолуу сылыгар оҕолорго анаан, оскуола кэлэктиибин уонна профкомун өйөбүлүнэн, Эрилик Эристиин норуот былыргы номоҕор олоҕуран суруйбут “Бѳтүңнэр” кэпсээнинэн сэттэ ини бии Бѳрѳ Бѳтүңнэри холустаҕа түһэрэн Бѳтүң үѳрэнээччилэрэ кыра эрдэхтэриттэн ытык ѳбүгэлэрин билэ, убаастыы улааталларыгар кылаатын киллэрдэ. Хартыына Бѳрѳ Бѳтүңнэр сыдьааннара буолалларынан киэн тутта улааталларыгар иитэр үлэни ыытыы биир кѳрүңэ буолар.

«Дьиэрэй, дэгэрэҥ ырыам» күрэххэ Бөтүҥнэр кыралыын-улаханныын кытыннылар. Улахан дьоҥҥо Петр Ефремов бочуоттаах 2 миэстэ буолла. Ону тэҥэ, Степанова Лена «Оллоон» оҕо көрдөрүүлээх фольклорнай ансаамбылын иитиллээччитэ, А. А. Черемных аатынан оҕо искусствотын оскуолатын үөрэнээччитэ «Дэгэлдьитэр дэгэрэҥ» анал ааты ылла, Слепцова Сандаара «Оллоон» оҕо көрдөрүүлээх фольклорнай ансаамбылын иитиллээчитэ, Н Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ ситиһиилээхтик кытынна.

«Кэнчээри түһүлгэҕэ» ыытыллыбыт «Ойор-тэбэр оҕо саас» оҕолорго аналлаах оонньууларга, күрэстэргэ, эҕэрдэ кэнсиэргэ Борисова Айсена, Артемьева Арина Бөтүҥ нэһилиэгиттэн кыттыыны ылбыттара.

Киэһэ өттүгэр нэһилиэктэр баһылыктарын икки ардыларыгар ох саанан ытыыга «Бэргэн» күрэххэ Бөтүҥ нэһилиэгин Аҕа баһылыга Алексей Николаевич Никитин ситиһиилээхтик кытынна.

Амма улууһун бастакы кулубата Афанасий Петрович Рязанскай төрөөбүтэ 150 уонна Амма нэһилиэгин, Амма улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Дмитрий Николаевич Трифонов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах Амма нэһилиэгин баһылыгын бирииһигэр «Түөрэм үктэл туйахтаах Күн Дьөһөгөй» ат сүүрдүүтүгэр Бөтүҥтэн Артур Яковлев, Петр Иванов, Федор Петров бриистээх миэстэлэргэ таҕыстылар.

Ити курдук, «Алгыстаах аат айхалланнын, ытык аат уруйданнын» үбүлүөйдээх ыһыахха Бөтүҥнэр бары көрүҥҥэ ситиһиилээхтик кыттан үөрүүлэрэ үксээтэ.

Айыы күүһэ арчылаатын

Күн күүһэ көмүскээтин

Дьол-соргу тосхойдун!

Уйгу-быйан буолуохтун

Дьаҥ-дьаһах сыстыбатын

Тумуу тумуннун,

Ыарыы ыалласпатын

Чөл туруктаах, чэгиэн буолун!

Күөх тыабыт суугунаатын,

Күөрэгэйбит ыллаатын

Улуу өрүстэрбит

Улуутуйа сүүрдүннэр,

Аламай күммүт

Ымайа күлүн

Чээл, күөх

Чэлгийэ тэлгэннин

Аар айыыларга айхал!

Улуу айыыларга Уруй!

Оставьте комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Прокрутить вверх