Бүгүн, ахсынньы 12-гэр, Арассыыйа конституцията ылыллыбыт күнүгэр, Бөтүҥ олохтоохторугар историческай нэһилиэстибэни сырдатар үтүө күн буолан ааста. Ол курдук, Михаил Тимофеевич Нестеров салалтатынан, 1945 сыл муус устарыгар Бөтүҥ нэһилиэгэр Ильич лаампаларын сырдык уота холкуос хотонугар, олорор дьиэлэргэ үйэ-саас сандаарбытын туоһулуур, «Ланд-Будапешт» диэн уу паарынан барар Венгерскэй оһох (Локомобиль) саҥардыллыбыт макетын дьон-норуот ортотугар арылынна.
Михаил Тимофеевич Нестеров Бөтүҥҥэ Чапаев аатынан колхуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир сылларыгар холкуостаахтарга, нэһилиэк сайдыытыгар наадалаах тутуулары туттарбыта. Биир саамай барҕа баҕа санаата электричество күүһүн туһаныы этэ. Ол баҕата Аҕа дойду сэриитэ мэһэйдээн 1945с. биирдэ туолбута. Төһө да сэрии буола турдар баҕа санаатын толорор иһин М.Т.Нестерев тохтообокко туруорсан өрөспүүбүлүкэҕэ кэлбит икки локомобилтан биирин атыылаһан 1943 с. саас Аллараа-Бэстээхтэн анал сыарҕа оҥороннор 13 оҕуһунан уонна атынан состорон «Ланд-Будапешт» диэн уу паарынан барар Венгерскэй оһоҕу (Локомобили) аҕалбыттара. Электрическэй станция дьиэтин маһа эрдэттэн бэлэмнэммит буолан тутуутун талааннаах тутааччылар, бэртээхэй мас уустарын биригээдэлэрэ өр гымматахтара. Сотору соҕус дьиэ көндөйө бүппүтэ. Локомобили үлэлэтэр киһи ананан үөрэххэ ыытыллыбыта. Локомобиль туруохтаах сиригэр цеменнээһин саҕаламмыта. Г.М.Кувалдин, В.В.Силаев, С.Г.Тарасюк диэн электричествоҕа анал үөрэхтээх дьону булан аҕалтаан үлэ тигинии түспүтэ. Түмүгэр 1945с. муус устарга Бөтүҥ нэһилиэгэр Ильич лаампаларын сырдык уота холкуос хотонугар, олорор дьиэлэргэ үйэ-саас сандаарбыта. Өссө күүстээх үлэҕэ-хамнаска угуйбута.
Онтон бүгүн Михаил Нестеров аймахтара, улуус, нэһилиэк бас-көс дьонноро мустан үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тириэртилэр, санааларын үллэһиннилэр.