Күндү Бөтүҥ нэһилиэгин дьоһун олохтоохторун, мааны ыалдьыттарын кэлэн иһэр уйгу-быйаҥ ыһыаҕынан эҕэрдэлээн туран, бэс ыйын 1️⃣4️⃣ күнүгэр, сир дойду силигилээн? тупсан турар кэмигэр? маннык кэрэ-бэлиэ кэмҥэ? үтүмэн үйэлэргэ иҥэринэн кэлбит үгэспитинэн, уйгулаах ыһыахха күнтэн? алгыс ылар маанылаах күммүт үүннэ. Бу күн биһигинниин бииргэ буолуҥ диэн туран, самаан сайын кэлиитин уруйдуу-айхаллыы, ҮРҮҤ ТУНАХ ЫҺЫАХХА күүтэбит??
ЫҺЫАХ ХААМЫЫТА:
«ДЬААМ» алааһыгар:
11:00 ч. ЫҺЫАҔЫ ҮӨРҮҮЛЭЭХТИК АРЫЙЫЫ. ЫҺЫАХ СИЭРЭ-ТУОМА
12:00 ч. «ҮРҮҤ ТУНАХ, УЙГУ-БЫЙАҤ ЫҺЫАҔЫНАН!» эҕэрдэ кэнсиэр
13:00 ч. «САХА ТӨРҮТ ООННЬУУЛАРА» хапсаҕай, мас тардыһыыта, ох саанан ытыы, сүүрүү көрүҥнэригэр күрэхтэһии
13:00 ч. КҮНҮСКҮ АҺЫЛЫК
14:00 ч. «САХА МААНЫЛААХ ТАҤАҺА» саха таҥаһын көрүү күрэҕэ
14:30 ч. «ОЛЛООН ОЛОҤХОТО» оҕолорго олоҥхо күрэҕэ
«МАҤХААҺАЙ» алааһыгар:
19:00 ч. — «СЫЛГЫҺЫТ КҮРЭҔЭ» сылгылаах дьон икки ардыгар күрэх
— АТ СҮҮРДҮҮТЭ
— «АЛГЫС» СҮҮЙҮҮЛЭЭХ ООННЬУУ
Барыгытын кэлэн иһэр уйгу-быйаҥ ыһыаҕынан!